Киһи биирдэ олорор - страница 28



Урукку аллар атаһын ааттаах Аргыылап баай уолун Испирдиэҥкэ ытыһыгар түһэрэн эҕэрдэлии көрсүбүтэ биитэр абааһы көрөн боруогуттан холдьоҕо тоһуйбута диир хайалара да дьиҥ чахчыга сөп түбэспэттэрэ. Айах тутан айхаллыаҕын бу сэрии тугунан түмүктэниэҕэ биллибэт этэ. Олус үлүһүйэн көстөн-биллэн хааллаххына, кэлин моонньоох баскынан да толунуоххун сөп. Оттон булгуччу көхсүнү көрдөрүөҕү эмиэ баҕарыллыбата. Сөбүлээбэти адьас аһаҕастык биллэрэр хойут, баҕар, иэстэбиллээх буолуон син. Арай Бэппэлээйэп кыһыллары кыайан кэбистин? Сибииргэ, Арассыыйаҕа тиийэ үрүҥ былааһын олохтоотун? Онон, кыыстаах эмээхсинин курдук, сөбүлээбэтэр да, Испирдиэҥкэ Валерийы олордоругар тиийбитэ. Сатаатар ону хам бааччы олорор диэтэҕиҥ дуу: түүн-күнүс быһа кэлэр-барар. Ити сылдьан түбэстэҕинэ, иэдээн. Уонна кэнникинэн ол-бу сорудаҕа да элбээн барда: ол киһини бил, бу киһини бул. Кыһалҕа диэтэҕиҥ. “Тыаттан бу хоско балтым оҕотунаан киирэллэр”, – диэн көһөрөөрү этэн көрбүтэ да, кыһаллыах быһыыта биллибэт. “Дьиэҥ киэҥ. Булан олордуоҥ”, – диэн кэбиспитэ. Ону туох диэн утарыаххыный? Баҕар-баҕарыма, билигин кини биллибэтин-көстүбэтин туһугар кыһалыннаххына сатанар. Биир утаҕынан ситимнэнэн хааллылар дии.

– Мин эппит дьоннорбун биллиҥ дуо? – Валерий кэтэһэ сатаан баран, ыйытта.

– Байыаннайыҥ кэлбит. Байанкамаатын диэки чыналдьыйан эрэрэ…

– Оттон Тииттээхэп?

– Сылдьар… – Испирдиэҥкэ эмиэ хамсатын соппойон барда.

– Сылдьымына ханна барыай? – Валерий кыйахана быһыытыйда: “Хас тылын барытын чыскынан хостотон түһэн!” – Сылдьалларын мин эйигинэ суох билэбин. Хайдах-туох быһыылаахтарый? Аҕата урукку билсиилээҕиҥ этэ дии: көрсөн ыйан-хайан көрбөтүҥ дуо?

Испирдиэҥкэ хоноһото кыйахаммытыгар бөрүкү кыһаллыбата. Өһүргэнэн көһөн хааллаҕына хата үөрүө. Оччоҕо кэлин атын сиргэ олорон түбэстэҕинэ даҕаны: “Һы, үөлээннээҕим оҕотун хонноруом суоҕа дуо? Көрдөспүтүн хоннорбутум. Тугу дьарыктанарын төрүт билбэппин”, – диэн ытыһын соттон кэбиһиэх этэ. Билигин, бэйэтигэр олордор кэмигэр тутулуннаҕына, туох диэн куотуой?

Валерий сиэбиттэн чаһытын ылан көрдө. Сибилигин саамай табыгастаах кэм. Дьон үлэлэриттэн кэлэн аһаан-сиэн бүтэллэр. Түүҥҥү патруль буоллаҕына тахсыа быдан эрдэ. Кини туран таҥнан барда.

– Бэлиэрий, Тииттээхэптэри төрүт булсуо суох этиҥ. Алдьархайга тиксиэххэ сөп. Саарбах дьоннор. Уола наар хомуньуустары кытта куодарыһар. Үөрэх суутугар тос курдук дуоһунастаах быһыылаах, – Испирдиэҥкэ эйэ-дэмнээхтик саҥарда. – Аҕата…

– Аҕатын көрүстүҥ дуо? – Валерий быһа-бааччы ыйытта.

– Көрсөн… – оҕонньор хамсатын ытыһыгар тэбээтэ, чубуугун оборон көрдө уонна саппыйатыгар баайылла сылдьар токур боробулуоха кэрчигинэн хаһыста.

Валерий, таҥнан бүтэн баран, көһүтэн турда уонна оҕонньор тиэтэйбэтиттэн эмиэ кыйаханан кыынньа түстэ:

– Ол көрсөн?.. Тугу кэпсэттигит?

– Айыкканыый, доҕоор. Ууга-уокка түһэрэн түһэҥҥин, – Испирдиэҥкэ хамсатын тобулан оборон сурдурҕатта. – Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр дииллэр. Бу курдук тиэтэйэн, оломун билбэккэ эрэ ууга киирэҥҥин, иэдээҥҥэ түбэһээйэҕин.

– Чэ сөп. Сөпкө этэҕин, – Валерий төттөрү олордо. – Тугу кэпсэттигит? Туох диирий?

– Суох.

– Хайдах?!

– Ол курдук. “Дорообо, Дьэримиэй Сүөдэрэбис” диэбиппэр тугу да хардарбата. Хаһааҥҥыттан эрэ хаан өстөөҕүн курдук, үөстээҕинэн дьүккүччү көрөн баран, түҥнэри хайыста. Дьэ киһийдээн! Абааһы көрөрө итиччэ эбитэ дуу, сиргэнэрэ оччо эбитэ дуу. Оннооҕор ыт үрдэҕинэ киһи “чөт!” диир куолута. Кини буоллаҕына киһи саҥарда ээ диэн биир тылынан хардарбата. Ама үөрэхтээҕин иһин урут син холоон тойооску этэ. Ыт баара…