Кырыыстаах таас - страница 3
Кини күннээҕи үлэ-хамнас түбүгүттэн ортоҕуна хаһан эмэ быыстатан син ону-маны үөтэн, ырыҥалаан саныыр түбэлтэлэрдээх буолааччы. Бүгүн эмиэ көхсө ирэн, санаата манньыйан, нухарыйыах курдук буолан эрдэҕинэ, Алааппыйа уолаттарынаан хотонноруттан киирдилэр.
– Кинээһиҥ ынаҕын хаһан илдьэн биэрэҕин? Үрэх уута хаайа илигинэ илдьэн кэбиһиэх хааллаҕа.
Эмиэ сыппах быһаҕынан сулуйаары гынна диэн, Лөкөй эрдэттэн суос бэриннэ:
– Мээрилээмэ. Буруйугар эн туруоҥ суоҕа.
Киэһэлик кустарын буһаран аһаары олордохторуна, аллараттан түөрт ыҥыыр аттаах нуучча дьоно кэлэн, кыракый балаҕан иһэ туолан хаалла. Мааны таҥастаах, кугас сулардыы бытыктаах эдэр киһи, тойонноро быһыылаах, сымнаҕас куолаһынан дьиэлээхтэри кытта дорооболосто. Биир аргыһыгар, хара бытыктаах, кэтит сарыннаах улахан киһиэхэ, туһаайан тугу эрэ эппитигэр, анарааҥҥыта Лөкөй диэки көрөөт, мичээрдээн баран, уу сахалыы саҥарбытыгар дьиэлээхтэр сэргэҕэлээн чөрбөҥнөһө түстүлэр.
– Бу Охотскай атыыһытын үлэһитэ. Кини Халыма устун ындыынан сылдьыһар суолу-ииһи үөрэтэр. Биһиги сарсын бу үрэҕи өксөйүөхпүт. Бу түүн манна хонуо этибит.
– Ээ, оннук ини, оттон хонон барыҥ. Хата, эн сахалыы билэр киһи баар эбиккин дии, сонунна кэпсээ.
– Кэпсээтэххэ сонун баар бөҕө буоллаҕа дии. Дьэ, киэһэ наҕылыччы сэһэргэһиэхпит.
Итинник аҕыйах тылы бырахса түһээт, үс киһи аттарын сыгынньахтыы таҕыстылар. Тойонноро тутан киирбит тирии бүрүөһүннээх обургу хаптаҕай дьааһыгы уҥа ороҥҥо илдьэн уурда. Сонун, сэлээппэтин устан ыйаары ол-бу диэки көрүтэлээн көрдө да, иилэри булбата. Аан баҕанаҕа икки мас тоһоҕо баарыгар дьиэлээхтэр таҥастара ыйанан тураллар. Хоноһо тугу да гыныан билиминэ, дьиэлээх киһи диэки көрөөт, мичээрдээн ылла. Онтон өй ылбычча, дьааһыгын аһа баттаан, холбуу баалла сылдьар ат боккуоптуур тоһоҕону сулбу ойутан таһаарда. Үс-түөрт тоһоҕону биирдэ сыыйа тардан ылла. Дьиэлээх киһиэхэ эргиллэн туох эрэ диэтэ, тоһоҕо саайар курдук сутуругунан охсуолаан көрдөрдө. Лөкөй өйдөөтө гынан баран, өтүйэтин бэдиктэрэ ханна тиэрпиттэрин булбата. Хата, били тааһын өйдүү биэрэн, сэбэргэнэ кэтэҕиттэн ылан уунна. Ыалдьыт нуучча тааһы мүччү тута сыста. Соһуйан саҥа аллайда. Оһох чанчыгар кэлэн кыҥнайа-кыҥнайа кыҥастаста. Ытыран, ыараҥнатан да көрдө. Лөкөйгө тугу эрэ баллыгырыыр. Онтон балаҕан аанын тэлэйэн туран: «Борис-ка, Бориска!..» – диэн хаһыытаата. Үс киһи сырсан тэлэкэчиһэн киирдилэр. Тойонноро тугу эрэ омуннаахтык саҥара-саҥара, тааһы дьонугар көрдөрдө, Лөкөй диэки ыйбахтаата. Аны дьонноро соһуйан-өмүрэн турдулар. Эмискэ буолбут бу сүпсүлгэнтэн дьиэлээхтэр дьиксинэн бардылар. Оҕолор остуол уһугунааҕы кэтэҕэриин муннугу буллулар. Алааппыйа хаҥас диэки дьалты хааман биэрдэ. Аҕалара эрэ соччо уолуһуйбатахтыы модьу олоппоһугар аргынньахтаан олорбутун кубулуппата.
– Хантан буллуҥ, хаһан?.. – Бориска диэн ыҥырыллыбыт били сахалыы билэр киһи, сирэйэ-хараҕа өрүкүйбүт, килбэчигэс киэҥ харахтарын дьиэличчи көрөн, Лөкөйгө омуннаахтык ынан кэллэ.
– Бу күһүн Сиридикээнтэн.
– Ноо… ханан?
– Иккис оломтон.
– Эн билэҕин дуо, бу туох тааһын?
– Суох.
– Оксиэ, дьэ буоллаҕа. Оттон тоҕо ылбыккыный? – Бориска бэркиһээн ыйытта.
– Бээрэ, ону эһиги тоҕо туоһуластыгыт? Оттон кылабачыйарын иһин муодарҕаан ылбытым, – Лөкөй урут хаста даҕаны сэмэлэммит дьыалатыгар аны бу дьон орооһоору гыммыттарыттан кыйаханан барда.
Алааппыйа киһитин ити тааһынан сылтаан туох эрэ буруйга түбэһиннэрээри гыннылар дии санаан ыксаан, көмүскэһэн көрөргө быһаарынна.