Син биир күүтэр эбиппин… - страница 7



– Баар. Аас! – диэн буолла.

Оҕонньор саалаҕа киирдэ.

– Куола, дорообо!

– Дорообо, кырдьаҕас! Кэпсээ, олор.

Итинтэн ааннаан, саас-сааһынан үгэргии-сэтэрии, икки «күннэрэ тахсан эрэр» баайдаах «хамандыыр» кэпсэппэхтээтилэр. Онтон Бүөтүр оҕонньор кистиир быһыынан эттэ:

– Дьэ, Куолаа, мин эйиэхэ этэр тыллаахпын. Бу биһиги нэһилиэккэ эрэпкиэм буола сылдьыбыт, уруккута мин хамначчытым, адьас дьиҥнээх баһамыык санаалаах киһи баар. Ол кини билигин дьиэтигэр кирийэн олорор. Дьиҥнээх кумуньуус киһи диэн кини буолар. Оттон мин түүбүн үргээмэхтээбит барахсан – куоласпын да быспыта, биир хонукка сибииккэҕэ да олорпута. Тугу барытын баай диэн аҥаардас миэхэ түһэрэрэ, араас сарыы мэрэбэдэйдэри, били чуоҕур кур оҕуспун өйдүүрүҥ эбитэ буолуо, ол тириитинэн бэртээхэй диэн хааһах оҥостубуттары барытын ылбыта уонна өссө эмээхсиннэри боротокуоллаан турар. Дьэ онон, холобур, мин билигин бырааппын туппучча, бочуоттаах киһи быһыытынан, бу киһини көрдөргүт үчүгэй буолуо этэ, холобур, кутталлаах, баһамыык киһи буолуо диэн этэбин. Санаатахха даҕаны, куһаҕаннык көрүллэригэр ааттаах Уот Субуруускай сүрэҕин ытарҕата буолуо дуо? Онон, мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ, – диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ. Уонна, бэйи, син үчүгэйдик этэн таһаардым ээ дии санаан баран эптэ:

– Чэ ити курдук, онон, тойонноотор тойонум, оҕолоотор оҕом, бэйэҕин кытта билсибэтэҕим иһин, ол боротокуоллана эҥиннии сылдьыбыт убайыҥ үүннээх-ыҥыырдаах үтүө тылын сиргэ-буорга хаалларбатаргын үчүгэй буолуо этэ, – диэн баран курун мөлтөтүннэ.

«Хамандыыр»: «Көр, бу оҕонньор эрэйдээҕи», – диэх курдук, ымах гынна уонна хаана ыараан, сирэйэ мырбас гынан баран:

– Ким диэтиҥ? – диэн лаппа ыйытта.

Бүөтүр оҕонньор эмиэ киһи истибэт гына кулгааҕар эттэ. Уонна ити Өлөксөй оҕо дьиэлэри-уоттары бэркэ билэр, кинини эмиэ боротокуоллаабыта диэтэ.

«Хамандыыр», оҕонньор этэрин истэн кэбиһэн баран, киэбирэ таарыйа бэстилиэтин таһааран сото-сото, сымыйатыгар кэллэҕинэ, ытырыык ыт курдук, сирэйин бырдьыһыннары тутта-тутта, дьэ кинилэр кыайан-хотон эрэллэрин, Дьокуускайы ылаллара чугаһаабытын, сэп-сэбиргэл үксүн, бууска кэлэрин, дьоппуон көмөлөһөрүн, оһумуойа кырдьыгы аҕыс гыммыт сэттэтэ сымыйаҕа булаан, кырдьык-хордьук кэпсээн барда. Кэлин тиһэҕэр тиийэн оҕонньортон сиэртибэ көрдөөтө.

Бүөтүр оҕонньор барытын үөрэ-көтө иһиттэ. Оттон сиэртибэҕэ тиийэн баран, уларыйан курус гына түстэ. Онтон курун чиҥэтэ-чиҥэтэ эттэ:

– Дьэ билигин бу баһамыыктар сиэннэр табыгастаах тугум да суох. Ол эрээри, бөхсүннэххэ, син сээкэй тахсар оҕонньоробун. Хайа уонна мин тылбын эһиги ылыннаххытына, мин даҕаны толкуйданан көрүөм буоллаҕа дии, – диэтэ, күлэн күһүгүрүү-күһүгүрүү.

Оҕонньор санаатын ситэн, дьиэтигэр баран иһэн, биир чоҥкучах алаас үрдүгэр турар быыкаайык балаҕаны көрөн баран сиргэ силлээтэ.

– Тууй-сиэ! Бу ыт, бука, мэйиим быһаҕаһа баар эбээт! Көр, бу Доропуун түөкүнү уонна Кириһээни эмиэ кэпсиэх буолан бараммын умнан быһа сытыйан иһэбин дии! Төннүөм дуу, хайа үөдэний?.. Ээ чэ, атым да илистииһи, кэнники дьыала быһыытынан оҥорторон, суруйтаран киллэриэм, – диэн баран, айаннатан күпсүтэ турда…

II

Киэһэтигэр кыһыҥҥы кылгас күн эрдэ киирдэ. Сыыйа-баайа им сүтэн, боруоран барда. Күнүс көрдөххө өрө оргуйар туман өһөҕүрэн, хараҥа былыт курдук сабардаан, хаайдарбын-күөйдэрбин диэххэ айылаах, ыаһыра үтэн кэллэ.