Таптыыбын… Шёпот сердца… - страница 3



Киhиттэн киhи атаҕастанара диэн баар эбит олус кыhыылаах-абалаах суол! Бүөтүр хаста да өрүскэ киирэн дагдайбат гына умсан хаалыан баҕарталаабыта да, ийэтэ эрэйдээҕи санаан, тохтообута. Ийэтэ барахсан тугу да саҥараахтаабатаҕа, уолун тула хачыгырайарын уураппатаҕа. Отой да охтон хаалыах киhи, оҕом туhа диэн санаатын күүhүнэн уйутта сылдьыбыта.

Ити үлүгэри дэриэбинэ хобороонньолоро сыыска-буорга түhэрбэтэхтэрэ. Ситими ситимҥэ тиhэн, тылы тылга холбоон, остуол ыаhаҕа, ыстыыр ыас оҥостубуттара. Били, үөр ыт биир мөлтөххө саба түhэрин курдук, бары саба түспүттэрэ, көмүскэhэр биир да киhи көстүбэтэҕэ. Нэһилиэк ытыктанар бас-көс киһитин дьиэтигэр киирэн кырбаатылар, үөхтүлэр диэн 24 чааhы эрэ биэрбиттэрэ.

Хайыахтарай, дьиэлэрин дуомун түннүгүн туора-маары саайбыта буолаат, сарсыарда күн тахсыан иннинэ, кимтэн эрэ күрээн эрэрдии, олбуордарыттан тахсан барбыттара. Дэриэбинэ саҕатыгар тиийэн ийэтэ эргиллэн бырастыылаhаары гыммытын, Бүөтүр эргилиннэрбэтэҕэ:

– Түөн да саҕа кыра үтүө санаа иҥмэтэх сириттэн баран эрэбит, ийээ! Эргиллимэ! Куhаҕаны батыhыннарыма! – диэт, ийэтин санныттан сэмээр өйөөн, иннин диэки дэллэритэн илдьэ бара турбута.

Аара суолга биир тоҕойго тохтоон сынньаммыттара. Ийэтэ барахсан, үгэhинэн, сиригэр алаадьы уурбута, уолун хатаҕалыы сатаабыта. Онно Бүөтүр ийэтин икки илиитин ыга тутан, ньилбэгэр умса түһэрэн, кыра эрдэҕинэ оҕону кытта боруоктаhан кэлэн баран ытыырын курдук, уйа-хайа суох ытаабыта. Ийэ барахсан санна ибигирээн тэҥҥэ саҥата суох ытаспыта, уолун төбөтүн, саннын уоскуйуор диэри имэрийээхтээбитэ.

Онтон аргыый саҥа таhаарбыта:

– Тоойуом, Бүөтүккэ, көр эрэ, күммүт сандаара таҕыста. Көр, көр, тулаҕын. Эчи кэрэтиин!

Бүөтүр уу-хаар баспыт хараҕынан тулатын көрүммүтэ: чахчы да айылҕа уhуктан, тула өттүлэрэ сырдаан, барыта күлүмүрдээн, араас өҥүнэн ыhыахтана оонньуурга дылы этэ.

– Чыычаах, хараҥа түүн кэнниттэн Орто дойду араҥаччыта буолбут аламай маҥан күн хайаан да тахсар. Ол курдук куhаҕан эмиэ, төһө да ыар буоллар, түүн курдук ааhар. Эн санааҕар куhаҕаны тутума, иэстэhиэм, өлөрүөм, өһүөннүөм дии саныы сырыттаххына, киhи буолбакка, кии буолуоҥ, оттон үтүөҕэ, сырдыкка эрэ дьулуhар киhи мэлдьи ыраас санаалаах буолар. Таҥара баар, барытын көрөр, барытын тэҥниэ. Мин оҕом тулуурдаах саха саарына буолуо! – хаhан да итиччэ элбэҕи саҥарбатах ийэтэ эппититтэн-тыыммытыттан Бүөтүр чахчы да соhуйбута.

Ийэтин сүүhүттэн сыллаан ылбыта уонна кууhан олорон: «Ийэм барахсаны аны хаhан да хомотуом суоҕа, кини туhугар үлэлиэм, олоруом, тугу барытын ситиhиэм!» – диэн бэйэтигэр андаҕайбыта.

Син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан куораты булан, арыт олбуор иһин харбаан, арыт тутууга оробуочайдаан, кэлин суоппардаан, ону ааһан өссө кэтэхтэн үөрэнэн, тыа хаhаайыстыбатын объектарын тутууга тос курдук тойон буола үүммүтэ. Барыны бары сатыыра, барыны бары кыайара, ол эрээри кэргэннэнэр туhунан биирдэ да толкуйдаабатаҕа. Саар тэгил уҥуохтаах, куудара баттахтаах, ис киирбэх саха саарынын ымсыыра көрөөччү кэрэ аҥаар элбэх этэ да, киhилэрэ дьилэй эттээх, тоҥ сүрэхтээх буолан биэрбитэ. Куоракка олоруохтарын, ийэтэ тыа сирин ахтара бэрдиттэн, бу илин эҥээри булан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үлэтин билэр, сөбүлүүр, сирдэрбэт. «Биhиги Кынаачайабыспыт» аҕай дэтэн сылдьар.

Урукку олоҕо түүл буолан умнуллубута, хаhан да ахтыллыбата. Уонна дьэ бу бүгүн, этиІ эппитин курдук, Уордаахаптар сыдьааннара кини боруогун атыллаатаҕа үһү!