Туоһахта уонна Лэкиэс - страница 19
– Нохоо, Туоһахтаа, үөргүн билиһиннэр эрэ, – диэн кулгааҕар сипсийбитэ. Туоһахта үөрүн диэки тамайа сиэлбитэ. Кинини сиэллээх биэтэ атыҥырыы көрөн, хаста да кистээн дьырылаппыта. Оо, бу икки эдэр сүрэхтэр долгуйа тиҥиргэччи тэбэллэрэ, Туоһахта сиэлэн тамайар туйаҕын тыаһын, Сэгэйик дьириһитэр хомуһун кытары дьүөрэлэһэн этиэхтэн дьикти тыын Алаас Хотун иччитин уйулҕатын хамсаппыта.
Ол үрүҥ түүнү Лэкиэстээх Сэгэйик бииргэ атаарбыттара. Туоһахта үөрүгэр тиийэн туохтан эрэ сүрэҕэ ороһуйан мөҕүллэҥнээн ылбыта. Бэл, сиэллээх биэтэ сымнаҕас сылаас хоҥоруутунан арҕаһын ньууххайан болҕомтоҕо наадыйарыгар кыһаммата. Кини Лэкиэһэ атын уһун суһуохтаах икки атахтааҕын кытары, эмиэ кини сиэллээх биэтин курдук, чугастык сыстыһан хаамсалларын харааста, атыҥырыы көрбүтэ. Оо, түөрэм түөрт туйахтаах, сүүһүгэр кэлтэгэй туоһахталаах Дьөһөгөй оҕото барахсан тугу түүйбүтэ эбитэ буолла? Ким ону тымтыктанан көрүө буоллаҕай? Үөһэ Дьөһөгөй Айыы бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…
Лэкиэс Сэгэйигин кытары дуоһуйа күүлэйдээн, көтүөҕүн кыната суох курдук, сарсыарда дьиэтигэр тиийбитигэр дьоно туохтан эрэ санаалара түспүт көрүҥнээх көрсүбүттэрэ. Ийэтэ кэри-куру сирэйдээх саҥата суох чэй бэлэмнээбитэ. Остуолга олорбуттарын кэнниттэн аҕата Лэгиэн көхсүн этиппэхтээн баран:
– Дьэ, Лэкиэс, улахан иэдээн буолбут… Сэрии, арҕаа сэрии буолбут.
Лэкиэс ийэтэ иһитин сото олорон:
– Ол сэрии ыраах ханна эрэ арҕаа буолбут диэбитэ дии, бэйэлэрэ да сэриилэһэр инилэр. Аһыҥа туран эрэр дииллэр, от-мас да үлэтэ элбэх.
Онуоха Лэгиэн көхсүн этитэн баран, табаҕын күлүн холумтаныгар тэбии-тэбии нүһэрдик:
– Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс, бэҕэһээ киэһэ утуйаары олордохпутуна, киирэн кэпсээн ааспыта. Сураҕа, эдэр дьону бэбиэскэ диэнинэн сотору сэриигэ хомуйаллар курдук үһү, – уонна уолун тургутардыы көрөн олорбута. Лэкиэс Сэгэйигиниин Туоһахтаҕа бара сылдьыбыт үрүҥ түүнүн дьоллоох түгэниттэн олус астынан, көтүөҕэр кыната эрэ суох кэлбитэ эбээт. Оттон дьиэтигэр бу ыар сурах тэҥсик илдьитэ буолан, кинини хайдах эрэ хаарыйбат курдук саныыра.
– Тоҕо, туох сэриитэй, ким сэриилэһэр? – диэн аат эрэ харата ыйыппыта буолбута. Халтаһалара ыарааннар, хараҕа сабыллан ылбыта. Ийэтэ уолун дьолломмут сирэйин хомотумаары:
– Тоойуом, Лэкиэс, сытан нухарыйа түһэн ыл, түүнү быһа утуйбакка, ити оскуола оҕотун Сэгэйиги кытары олус чугасаһыаҥ суоҕа этэ, – диэбитэ. Лэкиэс онно өй ылбыттыы, сирэйэ күлүгүрэн ылбыта:
– Ийээ, мин тоойуом буолан бүппүтүм ээ, уон аҕыс сааспын туолбут улахан киһибин, Сэгэйик да эһиил сааһын ситэр, оччоҕуна бииргэ буолуохпут дии, – остуолтан туран оронугар тиийэн сууллан түһээт, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта. Ийэтэ уолун будьурхай баттаҕын имэрийэн ылбыта. Оо, уолун ама ылан барыахтара дуо, күнү көрдөрбүт көмүс туллугун? Оттон Лэгиэни эмиэ араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Баар-суох эрэлин, туйахпын хатарыах киһим диир уолун, бу бачча улаатан борбуйун көтөхпүтүн кэннэ ама ылыахтара дуо? Сэрии диэн өлүү-сүтүү аргыстаах, икки атахтаах икки өттүттэн кэйгэллэһэр амырыын суоллара. Һуу, кэбис, арах, арах! Араас санаалар киирэллэр, кэбис…
Суоһар сурах бүтүн холкуостарын устун тилийэ көппүтэ. Сир-дойду да, хайдах эрэ тугу эрэ түүйэрдии, чуумпура уоһуйбута. Ити сэрии саҕаламмытын туһунан сурах кэнниттэн сүүрбэччэ хонук ааспыта. От ыйын бүтүүтэ Лэкиэстээх уот кураан, аһыҥа харааччы салаабыт алаастарын оттоон бүтэрэн, өрүс арыытыгар оттуу бараары сылдьыбыттара. Биир сарсыарда ыаллыы сытар Чурапчы байаҥкамаатыттан боломуочунай кэлэн, 1922 сыл төрүөхтэргэ, Лэкиэстээх Тириипэҥҥэ уонна хас да кинилэр саастыылара уолаттарга, ону таһынан хас да аҕа саастаах дьоҥҥо бэбиэскэ туттаран ааспыта. Икки хонугунан Майа байаҥкамаатыгар киирэргэ бэлэм буолалларыгар сорудахтаабыта. Бу сурах Уһун Эбэҕэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, ньиргийбитэ. Дьон-сэргэ аймаммыта. Лэкиэстээх Тириипэн уонна хас да эдэр уолаттар буолан, сүбэлэһэн сэргэ оҥоро охсубуттара уонна Уһун Эбэ халдьаайытыгар мустан туруорбуттара. Быраһаайдаһыы тэрээһинигэр холкуостарын бэрэссэдээтэлэ уоттаах-күөстээх тыл эппитэ. Лэгиэн олус хараастыбыта, ол да буоллар тыл көтөҕөн, атаарыы оһуохайын эппитэ. Ол дорҕооно тумултан тумулга охсуллан бара турбута. Туоһахта хаһан эрэ биир туох эрэ тэрээһиҥҥэ икки атахтар итинник эйээрдэн оһуохайдыылларын истибитэ. Ол дуораана хат хатыланан, ыраах эйээрбитигэр чуор кулгаахтара, тэһииркээбит туллуктар курдук, чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Эҥил баһын өндөтөн, хойуу көҕүлүн быыһынан чолбоодуччу көрөн туран иһиллээбитэ. Онно чопчу доҕорун Лэкиэс куолаһа иһиллэрэ.