Тыын былдьаһыгар - страница 13
«Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» – диэн соһуппута.
Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр.
Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустаран аанньа аахайбаппыт. Дьэ буолар буолтун кэннэ биирдэ «бабат» диибит.
Биирдэ кыһын, киэһэ утуйаары ороммор сыттахпына, хапкаан тыаһа илэ-чахчы тас гынна. Саһыл хапкааммар иҥнибитин сэрэйдим, ол эрээри ханныгын билбэппин. Ол кэмҥэ хапкааным алта сиргэ баар этэ, онон барыахтаах сирбэр бардым. Дьиҥинэн ырытан, толкуйдаан баран барыах баар эбит. Онтукам мыраан үрдүгэр бааһына кытыытыгар ииппит хапкааммар иҥнибит. Суолга тахсан биэрбитин «булчуттар» илдьэ барбыттар.
Итинник дьону киһи булчуттар диир кыаҕа суох. Туртастыы, мас көтөрдүү сылдьан баран дьонугар саһылы хапкааҥҥа бултаабыттарын хайдах быһаарбыттара буолла. Хара тыа иччитэ түүлээх уллуҥахтар саһылгын уоруохтара, онон сэрэн диэтэҕэ. Ону өйдөөбөт киһи буоллаҕым. Уоран иннилэрин сарбынар, олохторун огдолутар дьону аһына саныыбын, кинилэргэ кыыһырбаппын. Хомойорум диэн, Байанай миэхэ анаабытын уордаран булдум ханынна. Онон кинилэр буруйдарын содулугар мин эрэйдэнним. Дьиҥинэн мин туох буруйдаах буолуохпунуй. Биир ыйы быһа сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Хата Байанай биир эрэ ыйга ыстарааптаата. Хайдах оруобуна биир ыйга ыстарааптыыра буолла? Саһылбын хаһан сүтэрбиппин ким көрөн олороруй? Киһи эт өйүнэн быһаарбат суола. Биир ый мэлийэн баран дьэ бултуйар буолбутум. Кырдьаҕас булчуттар улахан буруйга-сэмэҕэ үс сылга диэри ыстарааптыыр дииллэр. Дьэ дьикти. Сиргэ-уокка бэйэ бодотун тардынан, иннигин-кэннигин кэтэнэн, сиэри-туому тутуһан, Баай Байанайтан көрдөһөн сылдьыллыахтаах.
Сиэри-туому тутуспатахха, олус элбэх дэҥ-оһол тахсар. Ол иһин эдэр дьоҥҥо сэрэтэн этэбин.
Биирдэ Бүөтүр этэн турар: «Саһыл – олус өйдөөх, киитэрэй кыыл. Бултуургар кинитээҕэр мындыр буолуохтааххын. Аны бултатар киһитигэр бултатар, булчут эрэ барыта ылбат. Саһылы бултуур – өркөн өй былдьаһыыта. Элбэхтэ сыраластаххына, тоҥноххуна-хаттаххына эрэ бултуоҥ. Маҥнайгы саһылы ылыы син биир маҥнайгы тустуу маастарын охторуу кэриэтэ. Кэлин, сатабылыҥ улааттаҕына, куккунан-сүргүнэн баттаан, тустууга курдук күүстээх маастар буоллаххына, эдэр саһылы Байанай биэрдэҕинэ хото ылыаҥ».
Итини Бүөтүр сөпкө эппит дии саныыбын. Биир күһүн арыыга икки хапкааны уураат, эр-биир икки саһылы ылбытым. Эһиилигэр ол арыыга күөспүн эрдэттэн өрүнэн баран, өр ылбакка эрэйдэммитим. Онон туох эрэ көстүбэт күүс баар.
Бултууруҥ бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Байанай быһаарар эбит. Төһөнөн түүлээх булдугар убанан истэҕим аайы өйдөөбөтүм үксээн тахсар. Түүлээх булда туһунан бөлүһүөктээх, куттаах-сүрдээх. Ону ырыҥалаан сурукка тиспит киһи…
Мин биирдэ үгэспинэн куорат оптуобуһунан айаннаан тиийэн, саһылга биэс чааркааны ииттим. Уонча хонон баран тоһуурдарбын көрө барар буоллум. Хайаан даҕаны биир эмэ иҥнибитэ буолуо диэн атаспын Уйбааны массыынанан илдьэригэр көрдөстүм. Атаһым нэдиэлэҕэ биирдэ ыраах бултуурбар барсар, эмиэ туһунан куттаах-сүрдээх, түүллээх-биттээх киһи.
Күнү быһа хаамар сирбэр улахан омук массыынатынан начаас сирилэтэн тиийдибит. Маҥнайгы чааркаан таһыгар тохтоотубут. Тоҥуу хаары кэһэн иккиэн суксуруһан, үрэх үрдүгэр тиийдибит. Үрэҕи өҥөйөн туран атаспыттан ыйытабын: «Уйбаан, тугу көрөҕүн?»