Урут бобуллубут айымньылар - страница 12



– Ээ, хонумуна. Иккиэн хонуохпут буоллаҕа. Бу ньуучча мааҕыан биһиэхэ киирбитин, Сэмэн оҕо батан таһаарбыта. Ол манна кэлбит эбит дии, – диэтэ биир саха.

– Күтүр өстөөҕү батан таһаарыаҕы эмиэ сүрэ бэт. Баҕар, тоҥон өлөн хаалыа, – диэтэ дьиэлээх киһи.

– Соҕотох ньуучча тугу гыннаҕай? – диэтэ биирдэстэрэ, – хата, биһиги бу түүн хааттылаатахпыт дии. Тукаам, хааттыгын аҕал эрэ.

Дьиэлээх уол биир холуода эргэ баҕайы хааттыны сэбиргэнэттэн ылан биэрдэ. Ону ылан, били икки киһи, уот иннигэр олорон, бырыылаабытынан бардылар. Дьиэлээх тойон кэтэҕэриин ороҥҥо утуйда. Сотору соҕус буолан баран, ньуучча муннун тыаһа баччыгынаан барда.

– Ээ, сордоох утуйда ээ. Сылайбыт буоллаҕа, киниэхэ да суол ээ, Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана ыалтан холдьоҕуллара. Бэһиэччикпин диэ дуо, син тоҥор эттээх-хааннаах буоллаҕа, – дэстилэр хааттыһыттар.

Түүн үөһүн саҕана ньуучча, туран, таһырдьа тахса сырытта. Ол кэннэ уот иннигэр аргынньахтаан олорон, табаах тарта. Табаах тардан баран, сонун саптан, иккиһин утуйда.

Сассыарда дьиэлээхтэр эрдэ турдулар. Ыал сахалар туран дьиэлэригэр таҕыстылар. Ньууччаларыгар арыылаах лэппиэскэлээх чэйи иһэттилэр.

Тымныыттан дьулайан, дьиэ иһэ сырдык буолуор диэри ньуучча барбакка олордо. Онуоха дьиэлээх киһи, кэтэһэ сатаан баран, кыыһыран эттэ:

– Ньуучча, иди куорат, а то талкай нада.

– Нет, еще рано… – диэн кэбистэ ньуучча.

Күн ойбутун кэннэ, ньуучча сүгэлээх хаппарын иилинэн баран, тахсан барда. Тымныы сонун аһаҕаһынан хайыы-үйэҕэ билиннэ. Түргэн соҕустук хааман, ньуучча айанныы турда.

Дьиэлээхтэр, дьэ уоскуйан, ньууччаларын умнан, күннээҕи үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.

ТАР

(Комедия в 2-х действиях)

Событие происходит в глухом наслеге отдаленного улуса.

Смеяться, право, не грешно

Над тем, что кажется смешно…

К р ы л о в

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

ООННЬУУР ДЬОНО:

1. Xарыйа Ыстапаан – 40 с., нэһилиэк өрөпкүөмүн брэссэдээтэлэ, таҥаһа-саба ньууччалыы, кыра тардыас.

2. Мааппа – 50 с., кини ойоҕо.

3. Хоноһо (Ньукулай Бочугурааһап) – эдэр соҕус киһи, Харыйа Ыстапаан чугастааҕы ыала.

4. Ботуччу оҕонньор – 60 с., нэһилиэк баайа.

5. Дьаамнаах.

6. Нэһилиэк милииссийэтэ.

7. Кэргэн эмээхсин, Харыйа кэргэнэ.

Оонньуур сирдэрэ:

Харыйа Ыстапаан кыстык балаҕана. Ыраастык тутунар сэниэ соҕус ыал. Оонньуу кыһыҥҥы бириэмэҕэ буолар. Быыс аһыллыан иннинэ Кэргэн эмээхсин ыллыыр саҥата иһиллэр.

МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ

Мааппа Кэргэн эмээхсинниин уот иннигэр олороллор. Киэһэ буолан эрэр.

Кэргэн эмээхсин (ыллыыр).

…Эдэр сааспар эгэлэйдээн хаалан,

Оонньуу, күлүү идэлэнэн оройдонон,

Кырдьар сааспар кыһалҕаны билэн,

Кыһыйбытым иһин туох миигин истиэй…

Таһыддьа ыт үрэр.

Мааппа. Бадаҕа, тойоммут мунньаҕыттан кэллэ ээ. (Турар.) Чаанньыкпыт оргуйбатах дуу? (Уотун оҥорор. Таһыттан Харыйа Ыстапаан, Хоноһо киирэллэр.)

ИККИС КӨСТҮҮТЭ

Харыйа Ыстапаан, Мааппа, Хоноһо, Кэргэн эмээхсин

Xоноһо (сыҥынньахтанар). Тымныытын, доҕор! Илиим дэлби көһүйэн хаалла. (Уокка иттэр.) Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит?

Мааппа (остуолга чэй тардар). Туох кэпсээн кэлиэй? (Кэргэн эмээхсиҥҥэ.) Хайа, эмээхсин, хотоҥҥор киир. Киэһэ буолла дии.

Кэргэн эмээхсин. Бэйэм даҕаны киирээри турабын. (Хотоҥҥо киирэр.)

ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ

Xарыйа Ыстапаап, Мааппа, Xоноһо.

Xарыйа Ыстапаан (уот кытыытыгар кэлэр, саҥата тоҕо эрэ мунчаарбыт). Аныгы Сэбиэскэй былааска кыһыҥҥы да тымныы улахан дьаалы буолбатах. (Көхсүнэн уокка аргынньахтыы олорор.)

Мааппа. Оттон эн туохха тосту тоҥон, уокка саба түстүҥ? Сэбиэскэй да былаас буолтун иһин, халлаан тымныытын хайыыр үһү.