Урут бобуллубут айымньылар - страница 7
– Ыл, ити дьахтартан ыйыт, – диэтэ Уйбаан сибис гынан.
Онуоха мин хап-сабар ыйыттым:
– Сахалар манна хайа дьиэҕэ олороллоруй? – диэн.
– Манна бааллар, – диэн баран, дьахтарбыт били саха балаҕаныгар киирэн хаалла.
Биһиги кэнниттэн батыһан киирдибит. Киэҥ баҕайы балаҕан эбит. Хаҥас диэки оһохтоох, уҥа диэкинэн үс түннүктээх. Дьиэ иһигэр хас да киһи баар эбит. Били үчүгэй дьүһүннээх дьахтарбыт, таҥаһын сыҥынньахтанан баран, дьонугар муҥхаҕа сылдьыбытын сиһилии кэпсээтэ. Арай дьиэлээх дьахтар эбит.
– Муҥхаҕа сылдьар оҕолоргут дуу? – диэн ыйытта биһигини биир халы-мааргы дьүһүннээх, хара ырбаахылаах, эмэхсийэн эрэр дьахтар.
– Ээ, муҥхаҕа сылдьабыт, – дэстибит биһиги.
Итинтэн ураты атын кэпсэтии диэн суох буолла. Биһиги дьиэлээхтэри одуулаһа, туох да саҥата суох, атах ороҥҥо олордубут. Аччык өлбүппүт диэн сүрдээх буолан баран, биһиги, дьиэлээхтэртэн килбигийэн, иһит көрдүөн ылан, чэй оргутунан испэт дьон буоллубут. Дьиэлээхтэрбит даҕаны, биһигини бу оҕолор тоҥмуттара, аччыктаабыттара буолуо диэн, аһаппат ыал буоллулар. Биһиги дойдубутугар эбитэ буоллар, ыал аһатыа этэ. Бу дойдуга куһаҕан да буолар эбит. Өр соҕус олорбохтоон баран, биһиги күөлгэ төннөн киирдибит. Ол киирэн иһэн сүбэлэстибит: доҕоор, биһиги бу дойдуга аччыктаан да өлүүһүкпүт, онон куоракка бу киэһэ төннүөх, кинилэр балыктарын улахан сиэтин диэн. Ити курдук сүбэлэһэн баран, биһиги, күөл хамыһын быыһыгар саһан олорон, тоҥ сиикэй кырбас эти бэрэчиинэй быһаҕынан сии сатаатыбыт буолан баран, быһахпыт хотумна, аччык турдубут. Арай күөл оттотугар киирэн көрбүппүт, киһи диэтэх баҕайы элбээбит: нууччалар, хаһаактар мээлэ кэлбиттэр. Биир хара бараан сонноох улахан баҕайы манаах манастыыр аатыттан балык үллэстэ кэлбит. Үрүҥ Күөл тулатын ходуһата сорҕото манастыыр сирэ эбит, онон сылтаан манаах балык ылаары оҥостон кэлбит эбит.
Биһиги буоллаҕына, дьоҥҥо аралдьыйан, куоракка барар сүбэбитин умнан кэбистибит. Ити гэннэ муҥха тахсара чугаһаабыт, онон балык кэллэҕинэ көрүөхпүт диэн сырыттыбыт. Мин биир саханы кытары бэчимэ тардыстым. Ол икки ардыгар тоҥмуппут ааһан, биһиги оонньоон-күлэн бардыбыт. Бэчимэ тарда турдахпытына, били улахан манаахпыт биһиэхэ хааман дөдөлдьүйэн кэллэ.
– Тоҕо бэчимэҕитин кыайан таппаккыт? – диэн баран, манаах кэлэн, аҥаар илиитинэн тардыспыт буолла.
«Көр, бу манаах буолан баран, сахалыы үчүгэйдик да саҥарар эбит», – дии санаан, мин улаханнык муодарҕаан, манааҕы өрө көрөн, мыҥаан турдум.
Манаах хара лэҥкэйбит бэргэһэлээх, күлбүһэҕи уоппут курдук уһун бытыктаах, хараҕа мууһу кыбыппыт курдук күөх, мунна хонтоҕор, уоһа кыһыл эбит.
Онтон арай чардаат диэки дьон саҥата мээлэ аймана түстэ. Мин, бэчимэбин бараҕан баран, ол диэки сүүрэн тиийдим. Муҥхалаах тойоммут Томторук оҕонньор үөлээннээхтэрин кытта сыарҕаҕа арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, маҕан туос этэрбэстээх хаһаак, кимиэхэ даҕаны ис буолбакка, көрүлээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, үөхсүүтэ мээлэ үксээбит. Били хаһаак, үҥкүүлээтэҕим буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.
– Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…
– Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.