Время выбора 3 - страница 2



Өр кэмҥэ Кытайы баһылаан олорбут могуоллар 1368 сыллаахха ол дойдуттан букатыннаахтык үүрүллэн, төрүт сирдэригэр Монголияҕа көһөн кэлбиттэрэ. Кэлэллэрин кэлбиттэрэ буолан баран, Кытай сиригэр төрөөбүт-үөскээбит, көс олохторун олох умнубут дьон, аҥаардас эт-үүт аһылыкка астымматтар. Кураанах хонуу куйаарга тэһийбэттэрэ даҕаны. Аны кэһэкэнэ буолбут кытайдар сүгүн олордубаттар. Могуол сиригэр элбэх сэрии дьонун аҕалан, киин куораттарын Кара-Коруму урусхаллаан баран төннөллөр.

Кытайга бурдук үүннэрэн аһаан олорбут сорох могуоллар, тыа эҥээрдээх чуумпу, кытыы сиргэ баран олохсуйарга быһаарыналлар. Кинилэр сэниэ ылан бараннар, аттаах сэриилэрэ Сайаан хайатын уҥуордаан, Аҥхара өрүһү туораан, улуу Байҕал арҕаа эҥээрин олоччу сэриилээн ылаллар. Эр дьону өлөртүүллэр. Эдэр дьахталлары, оҕолору Монголияҕа көһөрөллөр. Көс олохторун умнубут могуоллар «үтүө дойду бу баар эбит» диэн саҥа сиргэ олохсуйаллар.

Оттон урукку аҕа баһылыктарын аатынан сахалар диэн ааттаммыт айыы дьоно сэриигэ хотторон тыыннаах ордубуттара тыаҕа күрэнэн, хоту түһэр улахан өрүс баһыгар саһан кыстыыллар. Аал оҥостон, эһиилги сааһыгар сүүрүккэ оҕустаран хоту диэки усталлар. Кыыллаах Арыы диэн ааттаабыт арыыларыгар кэлэн кыстаан баран, нөҥүө саас эмиэ өрүһү таҥнары устан, олохсуйуохха сөптөөх киэҥ сыһыыны көрөн тохтууллар.

Ити кэм иннинэ Туймаадаҕа, Эҥсиэлигэ олохсуйбут урааҥхайдары тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эмискэ кэлэн саба түһэн сэриилээн хотоллор. Онно тэмтэрийбиттэрин кэннэ, аны уһун кэмнээх сут кэлэн, быстаран, иэдэйэн олордохторуна, соҕурууттан өрүһүнэн устан, Омоҕой баһылыктаах айыы дьоно – сахалар кэлэллэр. Ол дьон биир тыллаах аймахтарын урааҥхайдары булан, кыргыттарын ойох ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйаллар. Өлгөм бултаах, балыктаах, аҕыйах киһилээх, киэҥ-куоҥ чуумпу дойдуну сөбүлүүллэр. Сүүһүнэн сылларга улахан быстарыылаах уһун сут уонна улахан сэрии буолбакка, киһи-сүөһү элбээн, кэлин ханна киһи олоруон сөптөөх уулаах, ходуһалаах, мэччирэҥнээх сиргэ барытыгар тарҕаналлар. Урааҥхай сахалар хоту дойдуга кэлэн бурдугу ыһалларын, өрбөҕү өрөллөрүн умнубуттара. Сүрүн аһылыктара – эт, үүт, үрүҥ ас, балык, кымыс. Онно сир аһын хомуйан, бэс субатын хатаран мэлийэн эбинэллэр. Онтон дьадаҥы дьон сүрүн аһылыктара балык буолар.

Урааҥхай сахалар аҕа уустарынан арахсан, анал сири-дойдуну бас билэн олорбуттара хас да үйэ буолла. Хардарыта ойох ылсан, эргэ баран, уруу-аймах тардыһан, утуму салҕаан, ууһаан-тэнийэн элбииллэр. Кинилэргэ сомоҕолоһуу, биир ил тутулун тэринии диэн суох. Оннук тэринэргэ туох даҕаны күһэйбэт, атын сиртэн туора омук кэлэн сэриилиир куттала суоһаабат. Былыр урааҥхайдары кэлэн сэриилээбит тигиилээх сирэйдээх тумат омуктар эстэн-сүтэн «тыал буолбуттар» диэн кэпсииллэрэ.

Ол эрээри аҕа уустарын икки ардыларыгар буолар иирсээн, сүөһүнү үүрсүү, хааннаах хабырыйсыы, атаҕастабыл даҕаны арахсыбат аргыс буолан, хам-түм күөдьүйэр. Оннук сахтарга күһүн үлэ-хамнас бүппүтүн кэннэ, улуу добдурҕа саҕана бары түмсэн, икки-үс хотонноох балаҕаны биир тиэргэн иһигэр ыксалаһа тутан, бары мунньустан олороллор. Эбэтэр аҕыйах киһи буоллаҕына, булгунньах үрдүгэр тахсаллар. Оннук дьаһаныы өс-саас баар буоллаҕына оҥоһуллар. Оттон эйэлээх, нус бааччы кэм буоллаҕына, биир сиргэ мустубаттар.

Улахан уҥуохтаах, күүстээх киһи буолар чинчилээх уол оҕону уон сааһыттан ыла кыргыс үөрэҕэр үөрэтэллэр. Оннук оҕону кистээн иитэллэр. Атын өстөөх аймахтар «бу уол улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, биһигини сүгүн олордуо суоҕа» диэн өлөрөн эбэтэр атаҕын иҥиирин батыйанан быһа охсон кэбиһиэхтэрин сөп. Кыргыс үөрэҕэр үөрэммит оҕоҕо уон аҕыһын туолуута сэрии сэбэ, куйах оҥоһуллар. Ойуун кыыран илбис иҥэрэр. Онно уһуйтарыылаах урдус тыһаҕаһы эбэтэр кырдьаҕас аты өлөрөн хайаан даҕаны сэбин хаанныахтаах. Ол кэнниттэн баатыр диэн ааттанар. Аҕа ууһун араҥаччылыыр киһи буолар.