Үһүйээннэр, номохтор - страница 47
Хатырыктаах Санньылҕа билириккэ кэтэҕиттэн тардыстан олорор. Аҕата Күөттээни оҕонньор ыйытар: «Хайа, нохоо, оҕус хайаата?» – диэн. Санньылҕа: «Оҕус кыаттарда», – диир.
Дьэ, лаппа сырдаабытын кэннэ, күн тахсыбытын кэннэ, иккис уол Лыгый Бөҕө оҕуһу көрө барар. Саар булгунньах хаҥас тэллэҕэр, улахан тиит төрдүгэр оҕус өйөнөн баран турар үһү. Ону тахсан көрбүтэ, хаҥас буутугар биир сиринэн, хаҥас ойоҕоһун төрдүнэн биир сиринэн итиэннэ хаҥас моонньун хорук тымырын тобулу анньан, оҕус хаана баран, ыарыыланан, өлөөрү турарын аҕатыгар киирэн этэр.
Аҕата тойон: «Ити өйөнөн турбут тиитин төрдүгэр, улахан күрбэ ииннэ хаһан, ытыгылаан, көмөн кэбиһиҥ», – диир.
Күөттээни кырдьаҕас баппат: «Былыт уола уолбун сиэтэ, оҕуспун кыайда. Кыайбыт киһи ситэри кыайдын. Аны, атыырбын киллэрэн, атыырынан охсуһуннаран кыайдын», – диир.
Инньэ диэн Хатырыктаах Санньылҕа, кыырбытын курдук, өрө кыыран: «Төгүрүк сыл буолан баран, киирбит кэмигэр атыырын киллэриэх буолла», – диир.
Дьэ, инньэ диэн баран, төгүрүк сыллара туолар күһүнэ буолар. Күһүн тиийэн, оҕус харсыбыт кэмигэр, атыыр саар булгунньахха үс сиринэн күрбэ иин хаһар. Туйаҕынан табыйан. Ол гынан баран, тоҕус хонук устатыгар баайыллар. Ол хаспыт иинин буоругар, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн, суунар-тараанар.
Дьэ, били оҕус харсыспыт кэмигэр, түүн үөһүн саҕана, эмиэ атыырдар охсуһар тыастара иһиллэр. Алааһы тула эккирэтиһэн сырсар уонна ыйылаһар орулаһыылара-сарылаһыылара, тиистэрин тыаһа иһиллэр. Сарсыарда тыҥ хатыытын бадахтааҕа тыас-уус, айдаан-куйдаан намырыйар. Онтон тохтуу түһэн баран, Хатырыктаах Санньылҕа үһүс уолга Адаҕымда Бэккэ этэр: «Атыыры тахсаҥҥын көр. Атыыр туох бэлиэлээҕий? Арааһа, кыайда быһыылаах», – диэн.
Адаҕымда Бэт, үһүс уол, тахсан көрбүтэ: саар булгунньах илин тэллэҕэр, илин диэки, күн тахсар сирин тобулу көрөн баран атыыр турар үһү. Кини уҥа моойун төрдүгэр хатыылаах суон үс сүүмэх атыыр кутуругун иилэн турар эбит. Ону көрөр. Дьэ, ол аата биһи атыырбыт абааһы атыырын кыайбыт бэлиэтэ – кутуругун үс сүүмэх кылын логлу анньан хаалар.
Дьэ онон, Хатырыктаах Санньылҕа, Күөттээни оҕонньор сүбэлэһэннэр, биһиги, дьэ, кыайдыбыт-хоттубут, өрөгөйбүт үрдээтэ диэннэр, аал уоттарыгар уот оттоннор, кыһыл талаҕы үс сиринэн эриэннии кыһаннар, үс тыһы сүүмэх кылы баайаннар, үс үтэһэ эти үөлэннэр, арыылаах кымыһынан айах тутаннар уонна ас кутаннар, Күөттээни оҕонньор Хатырыктаах Санньылҕаны соруйар: «Дьэ, Былыт уолугар өрө кыыран тахсан, суо-бааччы кэпсэт. Аны билистибит-көрүстүбүт. Мин кинини кытта уруулаһыахпын, аймахтыы буолуохпун баҕарабын. Онон кыыспын, киирэн, ойох ыллын», – диир.
Дьэ, өрө кыыран Хатырыктаах Санньылҕа аарык дьаҥха аартыгын арыйан, өрө кыыран тахсан, эҕэһэлээх тылынан> 4 этэн эҥсэлитэн: «Хатын балтыбын киирэн кэргэн ылар үһүгүн», – диэн, суорумньу киһи быһыытынан, суо дорҕоон илдьит тириэрдэр.
Абааһы уола, оччону истэн баран, үөрэн эккирии түһэр. Итиэннэ этэр: «Бу үүнэр дьыл тохсунньу ый тоҕус эргэтигэр күтүөттүү киириэм. Онно кыыскытын сир симэҕин курдук симээн, таҥара табатын курдук таҥыннаран тоһуйаарыҥ», – диир.
Хатырыктаах Санньылҕа, аҕатыгар киирэн, Былыт уолун кытта кэпсэтиитин сиһилии кэпсээн биэрэр. Дьэ, ити кэм ааспытын кэннэ, тохсунньу ый тоҕус эргэтэ буолар түүнүгэр, тохсунньу ый тоҕус күнүгэр дьахтар түүн тахсан, били саар булгунньахха буолбакка, абааһы уола киирэн тохтуур тиитигэр тахсан турар. Ол турбутун кэннэ, Хатырыктаах Санньылҕа барыта муус маҕан таҥаһы таҥыннаран таһаарар. Дьэ, эмиэ уруккутун курдук, сарсыарда тыҥ хатыытын саҕана, ол аата айан киһитэ туруутун саҕана, били тиит төрдүгэр Былыт уола убайар уот кугас, түөт атаҕа баһырҕастаах, хараҕын анныттан ылата сирэйэ муус маҕан хастаххай тумустаах, муус маҥан чакырыас харахтаах, түөт атаҕа баһырҕастаах, хатыҥ баһырҕаһын