Үһүйээннэр, номохтор - страница 51
Онтон эппитэ: «Үйэм бүтэрэ кэллэ. Аныгыскы хаарга тиийбэтим буолуо. Онон мантан аллараа уста түһэн, отууланан олороор. Эбэҕин көрөөр. Бүтэһик тыыҥҥа тиийэ».
Ол кыһыныгар өлбүт.
Онтон ыла аллараа түһэн отууламмытым. Тоҕо аллараа түһэн олороор диэбитин билбэппин. Өлүөнэ биэрэгэр ити олоробут.
Василий Васильевич Замятин-Халчаак. Нам, II Хомустаах нэһилиэгэ. Муччуку аҕатын ууһа. 1996 с. 80 саастааҕа.
ТӨБӨ УУЛААН ТАХСАР
Торуой Хомустаах икки Көмөкөн икки ардыгар улахан хайа баар. Суулла турар кумах хайа. Аата Дьоккума диэн. Кырдьаҕастар бу Дьоккума Хайа үрдүгэр көмүллэ сытар оҕонньор төбөтө өрүстэн төкүнүйэн киирэн, уулаан таҕыста диэн кэпсииллэрин истэр этим.
Ити 34–35 сыллар диэки. Оҕонньор түҥүрэ тыаһыыр эҥин дииллэр этэ. Арааһа, сибиэннээх дьоннор быһыылаах. Сымыйанан кэпсиирим айыыта бэрт буолуо. Дьон кэпсиирин истибиппин кэпсиибин.
Миитэкэ Ньукулаайабыс Кырбыһааҥкын-Байыас. Нам, Таастаах нэһилиэгэ. Бухаайы аҕатын ууһа. 1995 с. 92 саастааҕа.
ОҔО СӨҤМҮТ ИҺИГЭР
Кыыс көстүбэт. Хойутуу кэргэннэммитим. Матан хаалтым. Баайга биэрэллэр эҥин. Өр баҕайы сылдьыбытым. 21-бэр дуу, үөдэн дуу кэргэннэммитим буолуо.
Дьон холкуостаах буолтара, мин бытархайынан хаалан хаалбытым. Холкуоһум ыҥыран ылла. Мунньахха. Туох буолан ыҥырдахтарай? Мунньахха киирдим. Күө-дьаа. Элбэх киһи. Үчүгэй баҕайы.
Аҕам буоллаҕына ыыппат. «Ойох ылан баран бар», – диир. Бастакы уола буоллаҕым дии. Бииргэ улааппыт киһибин, тэҥҥэ кэриэтэ.
Мунньахха бараммын, олордум. Бииргэ үөскээбит дьонум. Бары даҕаны. Биир кыыс хаалбыт эбит. Олорор эбит. Дьон ортотугар, дьахталлар ортолоругар. Ол аттыгар баран олоруох санаам кэллэ. Дьахталлар арыллан биэрдилэр. Олордум аттыгар. Онтон ыйыттым, ыйытыахтаахпын: «Уол булунуоххун баҕараҕын дуо?» – диэтим. Кистээммин. Кулгааҕар. Онтум туран баран хаалла. Атын сиргэ баран олордо. Онтон кэллэ: «Кырдьык этэҕин дуо?» – диэтэ.
«Кырдьык буолумуна», – диэтим.
«Мин дьиэбэр аргыстаһан барыахпыт», – диэтэ.
Дьиэтэ чугас. Миэнэ – ыраах. Букаайыга олоробун.
Аргыстаһан бардыбыт. Ийэтэ эмээхсин баар. Уонна кэргэн суох.
Икки улахан кыыстаах. Кэргэн барбыттар. Миэнэ – саамай кыралара. Сылы кыайбат балыс. Миигиттэн. Аҕата Мааха Киргиэлэйэ диэн оҕонньор. Өлөөрү сытар оҕонньор. Ыалдьан. Үс сыл сыппыта. Ас барбат буолан. Онтон оҕонньорбут туран: «Ырааҕынан аймах буолуохтаах этибит. Онон сатаммата буолуо», – диэтэ.
Онон мин барыах курдук буоллум. Дьиэм – ыраах сир, тоҕус биэрэстэ. Көһү эрэ кыайбат сир.
Онтон кыыһым хаайыы бөҕө. «Ити өлөөрү сытар, өйө аччаабыт оҕонньор. Олох уруу буолбатахпыт», – диэтэ.
Эмээхсин эмиэ: «Уруу буолбатахпыт», – диэн кэбистэ.
Онтон кыыһым таҥаспын-саппын дэлби ыйаталаан кэбистэ. Сиппит-хаммыт баҕайы, миигиттэн сылы кыайбат эрэ балыс. Үлэлии сылдьар. Хас да киһи ыйыппыт, түөрт киһи дуу, үөдэн дуу. Ону аккаастаан испит. Инньэ диир этэ. Хонноҕум дии. Киһи хаайыытын ылынаммын. Хайыахпыный. Былыргы кыргыттар да сытыылар. Уонна сиппит-хаммыт баҕайы. Бөдөҥ. Бары да бөдөҥнөр.
Онтон иккиһин кэлэ сырыттым. Аргыый аҕай. Сэмээрдик. Уол оҕо санаата оонньуур буоллаҕа. Киһи ааттаах. Арахсар санаа суох. Кыыһым да арахсар санаата суох. Кэлэн хонобун даҕаны. Кэннэкинэн ыттыйан бардым. Син сырыттым.