Үһүйээннэр, номохтор - страница 54
ОҔО ӨЛБҮТ
Былыр бу дойдуга киһи-сүөһү саҥа олохсуйан эрдэҕинэ ити билигин Оҕо Өлбүт дэнэр сыһыы хара маһыттан ыла уулаах күөл эбитэ үһү. Биирдэ ол күөлтэн аһаан олорор ыал соҕотох оҕолоро, уу баһа киирэн баран, ууга түһэн, өлөн хаалбыт. Дьоно, оҕолоро үөгүлүүрүн истэн, саба сырсан кииртэр да, кыайан өрүһүйбэтэхтэр. Соҕотох оҕолорун аһыйан, сор-муҥ бөҕөнү көрбүттэр. Хас да күннээх-түүнү быһа күөлү булкуйбуттар да, булбатахтар. Үөһэ тэстэн, дагдайыа диэн эмиэ хас да күн көһүтэллэр да, туһа тахсыбат. Биирдэ өлбүт оҕо аҕата, санаата-аһыыта түмүллэн, иирбит киһи курдук, күөлүгэр киирэн, киһилии кэпсэтэн, кэп туонан барбыт: «Күҥҥэ көрбүт күндү көмүспүн туох ааттааххар угуннуҥ? Туох буруйу оҥороммут санааҥ туолбата? Оҕобутун мэҥиэһинниҥ, аны бэйэбитин ыйыһын, оҕом өлүгүн көрө иликпинэ мантан харыс халбарыйыам суоҕа! Оо, кимнээх буолан кимим, туохтаах буолан тугум ситиһиэй?! Кимим билиэ баарай, кэнэҕэс эн да дьэбэрэннэн көрөн дьэлтэйэргин, чүөмпэҥ дьуоҕара уоларын?! Оо, абам да баар эбит, хайа кыахпынан, ханнык күүспүнэн эн бэйэлээхтиин туруулаһыам буоллаҕай…» – диэн ытаабыт-соҥообут.
Онтон бэттэх ити билиҥҥи сыһыы маҥнай Оҕо Өлбүт Күөлэ диэн уолан, хонуу буолуор дылы ааттаммыта үһү.
ХАМПАХ
Билиҥҥи Хампах күөлгэ былыр Хампах диэн ааттаах балыгынан эрэ иитиллэн олорор эмээхсин олорбут. Ол эмээхсин балыктыыр эрэ күөлүнэн бу эрэ күөл эбит.
Биирдэ эмээхсин идэтинэн күөлүгэр туос тыытын миинэн тууларын көрө киирбит. Саҥардыы күөлүн ортолоон, тумулга тиийэн эрдэҕинэ, күөлүн арҕаа диэки үрэҕиттэн ала холорук туран, эмээхсини көрдө-көрбүтүнэн бу бирилээн кэлбит. Уу ньуурун күөрчэхтии ытыйан, туос тыы элээмэтин түҥнэри сөрөөн ааспыт. Эмээхсин эрэйдээх кимэ кэлэн өрүһүйүөй, ууга түһэн, өлөн хаалбыт. Эмээхсин үөгүүтүн истэн, чугас ыаллара саба сырсан киирбиттэрэ, туос тыы түҥнэстэн баран, күөл ортотугар күөрэҥнии сылдьар үһү.
Эмээхсин тыыннааҕар да кини аатынан ааттыыллара үһү, эгэ өлтүн кэннэ ааттаабат буолуохтара дуо? Күн бүгүнүгэр диэри ааттаан кэллибит. Өссө бу күөл аатынан маҥнайгы колхоз тэриллибитэ. Ону үөрэхтээх өртүлэрэ, тупсардахпыт буолан, «Комбайн» колхоз дииллэрэ. Маҥнайгы колхозтааһын саҕана хантан ылбыт комбайннара кэлээхтиэй. Оччолорго комбайн диэн бурдук быһар тэрил баарын түһээн да баттаппатылар ини.
МЫРААН
Урут Чуукаар диэн ааттанар күөл билигин Эбэ дэнэр. Дьэ, ол Эбэ хотулуу илин эҥэриттэн мыраан үрдээн, илин диэки бара турар. Ханнык да атын ааттааҕа биллибэт. Арай, үрдүттэн Мыраан эбэтэр Сирэйдээх Мыраан дииллэр. Кини туһунан араас үһүйээни кэпсииллэр. Олортон төһөтө кырдьыга-сымыйата биллибэт. Үһүйээн аата үһүйээн, кэпсииргэ тиийиллэр.
Киһи-сүөһү саҥа кэлэн олохсуйан эрдэҕинэ, Маар Күөл уонна Үс Көлүйэ диэн ааттанар күөллэргэ тоҥустар олорбуттар үһү. Биирдэ ол тоҥус омук кыргыттара 9 буолан Мырааҥҥа күүлэйдии тахсыбыттар. Оччолорго Мырааҥҥа ыттыбыт киһи улаханнык саҥарыа, күлүө-салыа суохтаах. Оттон ол 9 тоҥус кыргыттара ыттан баран, сээдьэлээн барбыттар. Ортолуу үҥкүүлээн иһэн, аллара ньимис гынан хаалтар. Кыланар саҥаларын истэннэр, дьон сүүрэн тахсыбыттара, 9 оҥхой эрэ хараара сытар үһү. Онтон бэттэх Мырааны иччилээх диэн улаханнык дьиксинэр буолтар.
Бу үһүйээн хаһааҥҥыта биллибэт. Биир кырдьаҕас оҕонньор өлөрүгэр кэпсээбит үһү. Дьэ, ол оҕонньор эдэригэр Мырааҥҥа тугу эрэ гына тахсыбыт. Ол сылдьан, сири дьөлө үктээн, аллара сурулаан иһэн, элигин элик, силистэн тутуһан ылбыт да үөһэ биирдэ баар буолбут. Куттаммыта ааһан, туох ааттаахха түстүм диэн, дьөлө үктээбит сирин сэрэнэн өҥөйөн көрбүт. Онто туох эрэ иинэ эбит. Өссө сирийэн көрбүтэ: иинин анна уулаах, ол уута сүүрүгүрэн кылыгырата сытар үһү. Оччолорго сир анна ууланарын ким этиэ баарай. Уол, сир түннүгэ буолуо диэн, мас булан үрүттээн, хатырык хастаан сабан баран, буор кутан кэбиспит уонна: «Икки атахтаах таба хаампатын, икки харахтаах таба көрбөтүн», – диэн алҕаабыт.