Үһүйээннэр, номохтор - страница 58
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
> 1Кымньыы тиэлиитэ – ат кырыаччытын төбөтүгэр аты кымньыылыыр быа баайаллар. Сороҕун өрөн, сороҕун хатан. Дьэ, ону тиэлии диэн ааттыыр сахаҥ.
> 2Аайдаан – хайҕанан, маала үрдүктүк туттунан. Быытта, аныгылыынан боруоста эттэххэ, киһиргэнэ саныыллар, тылбыт тилиннэ диэн.
> 3Күҥэйбэппит – олус ымсыырбаппыт.
ОНОКУ
Икки уоллаах эбит. Быырта, Дьэгин Бөҕө. Дьэгинтэн билигин бэрт аҕыйах киһи баар.
Оноку бэрт күүстээх киһи, тарсыына. Сөтөллөрө, ытырдара көстөн иһиллэр. Үөгүлүүрэ үс көстөөх сиртэн иһиллэр. Санатория хоту өттүгэр Күөх Хайа баар. Тордохтоох Хайа диэн. Дьокуускайга түүлээх киллэрэн баран (өлбүгэтин төлөөн баран), Дьаарын бэйэтэ киллэрэн биэрбэт, туой тарсыынатын ыытар эбит. Төннөн иһэн, Тордохтоох Хайаттан үөгүлүүр: «Тыыта таһааран кулуҥ», – диэн.
Омолдооттор туораппаттар эбит. Сэптэрэ суох буолуо буоллаҕа, баҕар, өстөөх да буолуохтара. Ол үөгүүнү Сүлэттэн, Хотоҕос диэн сиртэн, истэннэр, баран тыы таһааран биэрэллэр эбит.
Бордоҥнортон, түүлээҕи кыайан толорботохторун туһугар, тарсыыналарын, Онокуну, сото охсоллор. Буруйдааннар, сото кэбиһиннэрэн олордон бараннар, сототун кырыытыгар сото охсор сүллүгэһинэн казактар биэртэлииллэр эбит. Ол охсулла олорон: «Улаханнык охсуҥ! Этэ ыалдьар гына. Итиннэ кыһанан, дайыымкатын толоруо дуо!» – диэн улаханнык саҥарбыт. Онтон куттанан, куйахалара күүрэн, казактар оргууй охсоллор үһү.
Үйэтигэр биир ат, биир биэ эрэ кинини уйбуттар. Уоннааҕылар бары систэрэ булгуруйан иһэр эбит. Аты мииннэҕинэ, атаҕа тоҥуу хаарга тарылла иһэр буолара үһү.
Оноку Дьаарыны кытта сэриилэспит эбит. Ол манныктан буолбут. Арай биирдэ Оноку Дьаарыҥҥа, кинээһигэр, ыалдьыттыы барбыт. Ол олордоҕуна, Дьаарын киниэхэ биитин, Норгуону, үҥсэр: «Биигин буой. Маннааҕы уолаттар ууларын сэбин алдьатар, бэйэлэрин сынньыталыыр, тууларын уоран көрөр үһү», – диэн.
Онуоха Оноку: «Буруйдаах буоллаҕына, кинээс, эн бэйэҥ дьүүллээ. Мин бии киһини дьүүллээбэппин», – диэбит.
Дьаарын туран: «Мин эйиэхэ салайабын, кинээһим быһыытынан. Эн тарсыынаҕын», – диэбит.
Ол курдук оспуордаһаллар, этиһэллэр уонна, дьэ, үс хонон баран, сир ортотугар, Сэтиэнэх диэн сиргэ, сэриилэһиэх буолан болдьоспуттар.
Кэлэн убайыгар уорданар: «Иирээҥҥэ-иэдээҥҥэ тэптиҥ! Сэриилэһиэх буоллубут», – диэн.
Норгуо туран: «Сэриилэстэр да сэриилэһиллиэ. Үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо», – диэн хабаана суох тылласпыт.
Сарсыныгар, сарсыарда туран, Онохута: «Бэҕэһээ киэһэ хабаана суох тылласпытыҥ. Тахсан аһар эрэ», – диир.
Ыппытыгар, Норгуо саннын тоһуйан биэрэр. Ону Оноку саннын кырыытын мас оҕунан илдьи ытан кэбиһэр. «Ити эрээригин Өһөхтөргө бараары гыммытыҥ дуо!» – диэбит уонна мөҕөн биэрбит.
Сол киэһэ кыра уол, Дыыгыныыр, дьиэтигэр оноҕос кыстан барар. Онуоха убайа: «Нойоон, бу тугу оҥостоҕун?» – диир. Уола: «Оноҕос кыстабын. Өһөхтөр эйиигин хайдах ытыалаан өлөрөллөрүн баран көрөн туруом», – диэбит. Онтон Оноку: «Бу адьарай эмиэ убайын курдук Өһөхтөргө хаан таһаартараары тыллаһа олорор ээ», – диэбит.
Дыыгыныыр сэттэлээх уол. Оноку: «Сэттэ саа усталаах сиргэ тур», – диэбит Дыыгыныырга. Онуоха анарааҥыта: «Өһөхтөр эйиэхэ, оҕонньорго, сир кэмнии туруохтара дуо, чэ, ыт», – диэбит, итиннэ баран.
Ону Оноку мас оҕунан ыппыт. Ону Дыыгыныыр ырааҕар кыбытан ылбыт. Уолум аһарыыһы дии санаан, Оноку түөртэ ытан субуруппут. Ону Дыыгыныыр: «Сардаан бастаах оҕуҥ> 1 кэллэ, сар түүтэ түүлээх оҕуҥ