Күрэтиллибит таптал - страница 4



Сааскы ичигэс күҥҥэ эдэр киһи дьиэтигэр тэһийэн олорбот буолар. Бүөтүччээн икки айаны сүгэн тыаҕа таҕыста. Ыарахан бакаайыта уһуллубут ыт батыһаары гыммытын, уһун уктаах холотунан дугдуруйан төттөрү үүрдэ.

Тыа иһигэр киирдэххэ, күн чаҕылыттан киһи хараҕа сынньанар. Хаар чиҥээбит. Тиит, талах умнаһын тулата быһыта сиэһэн чөнөрүттүбүт. Ол эрээри халыҥа халыҥынан сытар. Хаамарга ыарахан.

Баччаҕа дьон куобахха айалаабаттар. Оҕонньор айатын эспитэ өр буолла. Билигин күнүһүн сылыта-сылыта түүнүн тоҥорор буолан, хаар үрдэ чиҥээн кытааппыт. Ол иһин куобах ороҕурбат, ханан баҕарар сылдьар. Баччаҕа куобах аҕыйыыр даҕаны. Ханна эрэ баран хаалар. Ол эрээри сүүлэ буолан суола-ииһэ элбээбит курдук. Атыыр куобах ыарҕалаах сиргэ киирэн, күнүстэри сүүрэ сылдьааччы.

Бу тэҥкэ тыаны аастахха ыарҕалаах силээн кэлэр. Оччо ырааҕа суох сир. Оҕонньор баччаҕа куобах силээн кытыытынан сүүрэр, онно айа тардан өлөрөр баҕайы диэбитэ. Ол иһин үчүгэй ылааҥы күн буолбучча бу баран истэҕэ.

Байанай биэрдэҕинэ баҕар биир эмэ куобах айатын эһиэ. Билигин аччык кэмҥэ, алҕаска биир эмэ куобах түбэһэрэ буоллар үөрүү буолуо этэ…

* * *

Ыам ыйыгар ынах төрүүр, балык тахсар, кус элбиир кэмэ. Сандал саас кэлэрэ ордук дьадаҥы дьоҥҥо үөрүүлээх. Кырыа кыһыны этэҥҥэ туораатахтара дии.

Ыраах Ходоро нэһилиэгин сирэ-дойдута. Дьадаҥы ыал тусаһатыгар туох элбэх күрүө-хаһаа, тутуу диэн кэлиэй – кыбыы, дал, тилэһэ тутуллубут хотонноох балаҕан уонна ампаар эрэ көстөр.

Дьиэ иһигэр киирдэххэ тирии имитэр талкы, үс атахтаах төгүрүк остуол, аҕыйах олоппос баар. Хаҥас ороҥҥо ыаҕастар, кытыйалар, чабычах, быдараах, хобордоох эҥин көстөр. Холумтаҥҥа уот төлөнүгэр хараарбыт алтан чаанньык ууруллубут. Оһох чанчыгар собохтоох кэлии хоройор. Сыҥаһа ороннорун баһыгар утуйар таҥастара чөмөхтүү хомуллубут. Кэтэҕэриин орон быыстаах. Уонна атын туох да киһи киһиэхэ кэпсиир дьиэ тэрилэ көстүбэт.

Бу Мэлитэр Тиэхээн диэн киһи дьиэтэ-уота. Ыал үксэ дьадаҥы буолан, син дьон тэҥинэн сананан олороллор. Түөрт ыанар ынахтаахтар, аҕыйах субан сүөһүлээхтэр, аттаахтар, оҕустаахтар. Тиэхээн уоннарыттан тахсыбыт уоллаах кыыс оҕолоох. Кинини кытта инитэ Обун Арамаан диэн сулумах киһи олорор. Сүүрбэ сэттэтигэр диэри ойоҕо суох сылдьар. Биир ыал кыыһын ойох ылыах буолан кэпсэппитэ да, халыымын кыайан булан ситэ төлөөбөккө сүгүннэрэн аҕала илик.

Халыым харчыта булаары, Бэбэһэ Ыстапааннаах диэн сэниэ ыалга дьиэ маһа кэрдэр. Күнүс ол киһи сылдьан «сарсын киэһэ кэлэн хоннун» диэн этэн ааспыта.

Киэһэ, аһаары олордохторуна, Обун киирэн, өйүө аһын тутан илпит иһитин хаҥас диэки илдьэн уурда.

– Бэбэһэ сылдьан эйигин сарсын киэһэ кэлэн хоннун диэбитэ, – Тиэхээн сонунун иһитиннэрэр.

– Туохха бэһирдэҕэй? – дии-дии дьиэлээх дьахтар, Ылдьаана, кус этин хоторор.

– Байар иннигэр маска эрэ ыттыбатах киһи. Бука тугу эмэ соруйаары ыҥырбыта буолуо.

– Кэпсэтиилээх үлэм мас кэрдиитэ. Онтон атын улахан үлэҕэ мээнэ соруйбат ини, – Обун остуолга олорон, аһаары, кытыйалаах кус этин чугаһата тардар.

– Кыра сорудах буоллаҕына төттөрү этимэ. Санаатын таптаххына кэлин аахсар саҕана туһалаах буолуо.

Сааскы халлаан уларыйымтыа. Сайын кэлбитин курдук аҕыйах күн итийэн баран, дьыл оҕуһа алыс эрдэ ититтим диэбиттии тыалыран, тымныйан, хаардаан да ылааччы. Ол эрээри кэлэн эрэри туох тохтотуой, былыта дьайҕаран халлаан арылыннаҕына, итии күннэр сыыйа кэлэллэр.

Аҕыйах күн тымныйан, тыалыран баран халлаан көнүөх курдук буолбут. Обун Арамаан күнүскү үлэтин кэнниттэн Бэбэһэ Ыстапааннаахха барда. Сир аайы уу тахсан килэйбит, бадарааннаах. Этэрбэһин сытытымаары, онон-манан эргийэ хааман ыалга кэллэ.