Киһи биирдэ олорор - страница 36
– Хайдах?! Командующай штаба военкоматтан туспа…
– Хайдаҕа – эн дьыалаҥ. Онуоха мин орооспоппун. Булан миэхэ тиксэриэхтээххин. Оччоҕо Пепеляев кыһыллар хас хардыыларын өтө көрө олоруоҕа. Байыаннай киһи бэйэҥ да өйдүүр инигин, ити былаан Пепеляев илиитигэр хайа кыалларынан эрдэ тиийэ охсуохтааҕын?
– Өйдөөн да… – Соболев үөһэ тыынна. – Суох… суох…
– Сөп. Аны иккиһэ. Кыһыллар этэрээттэрин иһигэр бэйэ дьоннорунан агитацияны күүһүрдэн, ол этэрээттэр Пепеляев диэки эргийэллэрин ситиһиэххэ наада. Маныаха туттуллар прокламацияны, ыҥырыыны мин эйиэхэ сотору тиксэриэҕим.
– Дьэ саарбах…
– Эрдэттэн саараама. Үсүһэ – Пепеляев Якутскайга кимэн киирэр кэмигэр куорат иһигэр өрө турууну тэрийэн байыаннай штабы, ревкому, обкому, телеграбы ылыталыахха наада.
– Даа… Ити барыта тылынан эттэххэ эрэ дөбөҥ, – Соболев бириэйдэммэтэх сэҥийэтин имэрийбэхтээтэ.
– Ким да дөбөҥнүк ситиһиллиэ диэбэт. Ол эрээри кыһалыннахха кыайтарыан сөп.
– Итини барытын ким тэрийэр?
– Эн!
– Мин?! – Соболев өрө көрө түстэ. – Билэллэр дуо кинилэр мин киммин? Мин кыахпын? Мин баара-суоҕа облвоенкомат рядовой үлэһитэбин. Ону даҕаны соччо итэҕэлэ суох, кэтэбилгэ сылдьар үлэһитэбин. Мин волшебник буолбатахпын. Сааратыахпын сатаммат.
– Эраст Константинович, эн кимҥин бэрт үчүгэйдик билэллэр. Билэллэр уонна эрэнэллэр эн өйгөр, сатабылгар, хорсун быһыыгар. Итиэннэ соҕотох буолуоҥ суоҕа. Мин эйигин сотору сорох наадалаах дьону кытта билиһиннэриэм. Аан бастакы соругуҥ – кыһыллар операцияларын былаана. Ол былааннара хайыы-үйэ оҥоһуллубут буолуохтаах. Аҕыйах хонугунан онтукалара мин илиибэр тиксиэ диэн эрэнэбин.
– Суох… суох… Ону мин хантан ылыахпыный?.. Хайдах… Бэйэҥ даҕаны санаа… – Соболев Валерий диэки ааттаһардыы көрдө. – Хайдах… санаан көр…
– Мин буолбатах, эн саныахтааххын, – Валерий дьэбирдик хардарда. – Чэ ити курдук. Мин хойутаатым.
Ыалдьыт таҥынна.
– Эраст Константинович, атаарыаҥ дуу: ыккыт үрүгэнэ бэрт этэ.
– Ах даа… даа…
Таһырдьа таҕыстылар.
– Өссө биирдэ санатабын, Эраст Константинович, – диэтэ Валерий кэлииккэ халҕанын тутааҕын тутан туран. – Бирикээс дьүүллэһиллибэт, бирикээс толоруллар.
– Даа… Даа…
– Аҕыйах хонугунан билсиэм. Ол кэлиибэр былаан эн илиигэр баар буолуохтаах.
– Хайдах?! Иһит эрэ…
– Көрсүөххэ диэри.
Халҕан “лап” гынна.
“Сыраан… Дырысааҥкы… Уонна өссө офицер ааттаах ээ! – диэн сэнии, сиргэнэ саныы-саныы, Валерий туман быыһынан соҕуруу диэки түстэ. – Воля диэн мэлийбит күтүрэ быһыылаах. Дагдайбытын аанньа далай акаары баҕайы дуу, баатыгарын. Эппиппин толотторо иликпинэ сүгүн олордуом суоҕа. Сөпкүн көрөрүм буолуо. Былааны баҕас буллаттаран тэйэр инибин. Ол кэриэтин баһыҥ бардын. Туттахтарына, баҕар, тыллаа даҕаны. Такыровы көрдөөн такырыйа сүүрдүннэр!..”
Соболев буоллаҕына, сабыллыбыт халҕаны аһан, туман үөһүгэр ыалдьытын көхсүн көрөн хаалла. Эрчимнээх атах дьулурҕатык кыычыргыы турда. “Сылдьара эчи хоодуотун. Куттаммата итиччэ үлүгэр дуу?” – диэн кини дьиктиргээтэ. Онтон устунан этин сааһыгар курас тымныы кутулларга дылы гынна: “Бэйи эрэ, арай… Арай ЧК соруйан ыыппыт буоллун… Провокация буоллун… Оччоҕо…” Соболев сонун уолугун саба туттан иһэн били маҥан таҥас лоскуйун өйдүү түстэ: “Арба, Рейнгардт суруга этэ. Чахчы киниэнэ. Ол баҕас чуолкай. Саарбаҕа суох. Оо, оннук эрэ буоллун…”
Эраст Константинович дьиэҕэ киирдэ. Билиитэ аанын өҥөс гынна, маҥан таҥаһын тобоҕун булуохтуу. Онуоха оһох күлүнэн бүрүллэн эрэр чохторо, элэктиирдии, кытарбахтыы чипчилиҥнэстилэр. Соболев, чугуун хаппаҕы саба тэбэн баран, хоһугар ааста.