Үһүйээннэр, номохтор - страница 64
Сынньыллыбыт ойуун көрдөһөр: «Сөбүлээбэтэ. Баран көрүөххүт буолуо», – диир.
Маныаха туран, били дьахтара этэр: «Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ гыннаҕыҥ. Сүгүнүнэн араҕыам суоҕа. Атаҕым соболоҥун төлөөн араар», – диир.
Маныаха туран, били киһи, дьэ, тугун да биэриэн булбат. Арай били ойууннаах дьахтара этэллэр: «Сэттэлээх уол оҕоҕун биэрэр буоллаххына, сүгүнүнэн араҕабыт», – дииллэр. Ону сөбүлэһэр. Дьахтар барбыт. Сэттэлээх уол оҕо өлөн хоммут.
Бу ойуун аны үөһээ Хара Сылгылаахтар бааллар диэн кыырар эбит. Ону эмиэ үнтү сынньар: «Хара Сылгылаахтар бааллар диигин. Онтон отчуттарда түһэрэн кулу», – диэн.
Үөһэ таҕыстым диэн үҥэн-сүктэн тиийэр. Онуоха: «Дьэ, үлэлиэм, түһүөм», – диир.
Онтон ити Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ биир киһи кэлэн, сүөдэс гына түһэн баран: «Оттуур сириҥ ханна баарый? Ыйан кулу», – диир. Онуоха ыйыталаан биэрэр. Хотуур тыаһа тыаһыыр, кыраабыл тыаһа тыаһыыр. Ходуһата күнүнэн бүтэн иһэр буолбут. Бугул бөҕө лаглыгыраан туран испит. Ыал иннигэр күһүн үлэтэ эрдэ бүтэн хаалбыт. Киһитэ: «Хамнаспын тугу биэрэҕит?» – диэбит. Онуоха: «Тугу сөбүлүүгүн, ону биэрэбин», – диир. «Аны кыһын, биир соноҕостоохпун, онтубун аҕалан аһатыаҕым. Биир түүтэҕинэн аһатааччыбын», – диир. Онуоха үөрэ саныыр. Биир ат айаҕа буоллаҕа дии диир. «Кыһын кэлэн олорор дьиэбит. Дьиэтэ ыйан кулуҥ», – диир. Онуоха биир иччитэх өтөҕү ыйан биэрбит. Күһүнүгэр ол киһитэ ол өтөҕөр кэлбит. Кини көрдөҕүнэ, киһитэ биирдэ кыбынан кэлэн аһатар эбит атын.
Сааскы өттүгэр Дьалаҕай Киилээниҥ сүөһүтэ барыта сутааран өлөн хаалбыт. Онон хойукку дьон Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ окко киирбэттэр эбит. Абааһы окко киирбит күнэ диэн.
Ити курдук Дьалаҕай Киилээн, ойууну итэҕэйиминэ, уола икки баайа иккиттэн ааспыта үһү диэн сэһэргииллэр этэ.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
> 1Кэҕэй – ньирэй, кулун төрүөтэҕинэ бүрүнэн төрүүр дии. Ону кэҕэй дииллэр.
Степанида Павловна Иванова (1916). Ньурба, Сүлэ нэһилиэгэ. Одьолун аҕатын ууһа. 1964 с. суруйан биэрбитэ.
ОНОКУ ДЬААРЫННЫЫН СЭРИИЛЭСПИТЭ
Оноку Дьаарыннаахха 4 саастаах уол оҕотун илдьэ күүлэйдээбит. Оҕо оҕолору кытта оонньообут. Онтон, аһаан-сиэн баран, киирэ-тахса сылдьан, Дьаарын, аҕата көрбөтүгэр, Оноку уолун батыйанан өлөрөөрү турдаҕына, Оноку түбэһэ киирбит. Ону Оноку сэрэйэн, дьиэтигэр барбыт. Ол баран иһэн, оҕотуттан ыйытан билбитэ, дьиэлээхтэр кэпсэппиттэр, бу уол биһиги уолаттарбытын баһылыыр күүстээх, үчүгэй киһи тахсыыһы, онон улаатыан иннинэ өлөрдөххө сөп буолсу диэн.
Дьэ, онтон кэлин Оноку дьиэтин таһын туой киһи сойуолуур буолбут. Ону чуҥнаан билбитэ, Дьаарын бэйэтин бөтөстөрүн кытары үс буолан оҕону, бултуу бардахтарына, дьиэҕэ хаалларан барыахтара диэн, ону кэтэспиттэр, чуҥнаабыттар. Дьиэлээхтэр оҕолорун, соҕотохтуу хаалларбакка, илдьэ сылдьар буолбуттар.
Онтон эмиэ бултаан кэлбиттэрэ, үс аттаах киһи кинилэр дьиэлэрин эргийбит суолларын көрөн, үөгүлээн дэлбэриппит: «Бу туох оруспуойдара дьиэбин чуҥнуугут? Дьаарын хара түөкүн! Миигин билбэтэ буолуо диигин дуо? Туох иһин хааннаһарга соруннуҥ? Мин итини таах хаалларбаппын. Элбэхтэн – элбэх, аҕыйахтан – аҕыйах ордуо. Үс хонон баран, сир ортотугар сэриигин бэлэмнэн. Күн тахсыыта», – диэбит.
Маны Дьаарын истибит. Дьиэтигэр кэлэн, бэйэтин урдустарыгар эппитин, биир да киһитэ сэриилэһэргэ буолумматах. «Онокуну кытта тэҥнэстэр тэҥнэһиэх эн бэйэҥ бааргын. Биһиги тулуһар кыахпыт суох», – диэбиттэр.