Үһүйээннэр, номохтор - страница 71
Бу түбэҕэ атын ыал һуоҕа үһү ол кэмҥэ.
«Дойдуттан таххан, өлүкпүн харайдыннар», – диэбит.
ААРЫМА ЭБЭ
Оҕо һыддьан айа тартым. Куобах орохтообутугар. Итиэннэ тиистээх бөрө капкаанын уурдум. Кэллэҕим аайы көрөн барар. Куобах. Иккитэ көрөн бартын кэннэ түһээтим.
Арай биир араҥас үрдүгэр сүөһү баһын, сүгэннэн кэлгийэн баран, уурбуттар. Ону көрөбүн. Түһээн. Ол тэйиччи һоҕус өттүгэр уһун улахан үөл тиит турар эбит. Маны эргийэ 9 көтөр кэккэлээн олорор. Тиити төгүрүччү. Бу хойут һууллубута. Сибилигин биир эмэ баар.
Бу көрдөхпүнэ, хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас эмээхсин, тайаҕар түөһүнэн өйөнөн олорон, мин диэки көрө биэрдэ: «Бу тоҕойуом, мин һыддьар һирбин тоҕо мэһэйдиигин? Мантыгын эһэттээ. Эспэтэххинэ куһаҕан буолуоҕа», – диэтэ.
Уһукта биэрбитим – түүлүм эбит. Ону аҕабар һити курдук, оруобуна баарынан, кэпсээн биэрдим. Истэн баран, өлө һыста.
«Ханна ол иитэлээн һытаҕын?» – диэтэ.
«Баахыллай Ойууругар», – диэтим.
«Оо, били аарыма Эбэлэрин киэнэ. Ону көрбүккүн. Бүгүн эһэттээн кэл уонна ити һиргэ һылдьыбат буол. Тулатын тэпсибэт да буол. Ити былыргылар ытык дабаппыт бэлиэлэрэ. Чэ, уонна һаҥарыма. Ону-маны үөтэ һылдьыма», – диэбитэ аҕам.
Таисия Гаврильевна Захарова. Ньурба, Тыалыкы нэһилиэгэ. 1994 с. 66 саастааҕа.
КИҺИ ТӨБӨТҮН УҤУОҔА
Ньурбаттан көстөн ордуктаах сир баар. Икки Күндэ: Улахан уонна Кыра Күндэ. Сэргэстэһэ сыталлар. Ханнык Күндэтигэр эбитэ буолла. Хордоҕойдоох, тумуһахтаах. Урукку Бараһыылап холкуос миэстэтигэр.
Онно былыргы ойун уҥуоҕа турар үһү. Онтон биир бириэмэҕэ киһи төбөтүн уҥуоҕа, күөлгэ киирэн, уулаан тахсар үһү диэн кэпсиир этэ. Хорулаҕа сиэстэрэлии сылдьан истибитим. Уйбаныап Арамаан Анисимович биһиги дойдубут туһунан үһүйээни кэпсиир этэ.
Ити ыалга мин дьуккаах олорбутум.
Николай Григорьевич Петров-Буруулгун. Ньурба улууһа, Үөдэй нэһилиэгэ. Буокалар аҕатын ууһа. 1994 с. 58 саастааҕа.
УОТ БУОЛАН КИИРЭР
Макаар эмээххиниттэн, Васильева Анна Михайловнаттан, 86-та буолуо, Акана олохтооҕо, истибитим. Атын да кырдьаҕастартан эмиэ истибитим. Ону быйыл сайын чуолкайдаатым.
Сирэ буоллаҕына былыр-былыргыттан баай дьон олорбуттар, Бэс Арыы диэн. Бэс Арыы Мархалыыр суол төрдүнэн, хаҥас өттүгэр куутуйа алаас оҕото баар. Онно Алаас диэн сайылык пиэрмэтэ олорор. Ол алаас аҥар баһыгар быытыкай, үйэтигэр уолбат көлүкэлээх. Быыкай. Кус хараҕын саҕа. Манна буоллаҕына, уҥуоргу кэриитэ сүүрбэччэ миэтир кэриҥэ буолуо. Ууга диэри.
Ол уҥуор, ойуур иһигэр ойун оҕонньор көмүллэ сытар. Аата да ааттаммат оҕонньор. Ол буоллаҕына, кусчуттар, куобахчыттар күһүн даҕаны, сайын даҕаны, куобах ороҕун курдук буолан, көлүкэҕэ киирэр диэн кэпсииллэр. Хараҥаҕа көстөр дииллэр.
Аана эмээххин эппитэ: «Былыр-былыргыттан, уот буолан, төкүнүйэн киирэн уулуура үһү», – диэн.
ЫЙЫЛАСТАН ТӨРҮТТЭЭХПИТ
Ыйылас Элэмэс – Омуоруйа Тумарча уола. Омуоруйа баай Амма, Таатта үрэхтэринэн дойдулаах Сэһэн Болугур ууһун баайа дэнэр кэпсээҥҥэ.
Ыйылас сүрэхтэммит аата Өлөксөөндүр. Сэһэн кэпсииринэн, Элэмэс диэнэ, хотуннан, илининэн айаҥҥа сылдьыбытыттан этин өҥө эриэн элэмэс өҥнөммүтэ дэнэр.
Эһэм, кырдьан баран, кэпсиир буолара: «Биһиги төрүттэрбит, Дьокуускай диэкиттэн кэлэн, үс бырааттыы Чиллэ Түүкээҥҥэ түһэр төрдүгэр олоҕурбуттар. Бу сирдэрин былыргы аата Кубалыҥда диэн. Кэлин, кинилэр аҕаларын ууһа тэнийбитин кэннэ, Ыйыластар, Ыйылас сирэ дэммит».
Бу дойдуга кэлэн, олоҕуран, хас сыл олорбуттара биллибэт. Биирдэ өйдөөбүттэрэ, сүөһү-ас ииттэргэ, бииргэ олорорго сирдэрэ кыараҕас буолан биэрбит. Биир үһүйээн этэринэн, бу сирдэригэр ким хааларын мөккүһэн, охсуһан, улахан убайдара кыайбыт. Онон кини хаалар буолбут. Биир үһүйээҥҥэ – сүбэлэһэн, үс аҥы олорорго, аҕа ууһун тэнитэргэ кэпсэппиттэр. Инньэ гынан, улахан убай Кубалыҥдаҕа олорон хаалбыт. Орто быраат Үөһээ Бүлүүгэ Сургуулук диэн сиргэ олохсуйбут. Сургуулукка кини сыдьааннара Самсоновтар диэн үһү, үөрэхтээх дьон, үөскээн сылдьаллар буолуохтаах. Ыйыласпыт дэһэллэр үһү. Кыра быраат Сунтаарга, Хадаҥҥа Ыйылас аҕатын ууһа баар дииллэрэ. Мин истэр этим.