Өлбөт үөстэниэҕиҥ - страница 2
Уолаттар бэрт түргэнник дьиэлэригэр төннөн, дьоҥҥо тугу гыммыттарын уонна Караванов кэлбитин кэпсээтилэр. Дьон кырдьаҕас өттө, уолаттары улаханнык мөҥөр-этэр солото суох түргэнник мустан, ыалга сүбэ мунньах оҥордулар.
– Дьэ, доҕоттоор, иэдээн буолла! Харабаанап чыкаа ааспат-арахпат абааһы буолан буулаата! Хайдах буолабыт? Ону сүбэлэһээри барыгытын мустубут, – нэһилиэккэ улахан ытыктабылынан туһанар сааһырбыт киһи дьонун, эргим-ургум тутар курдук быһыынан, чинчилиирдии көрдө.
Бары саҥата суох сөҥөн олорбохтоотулар. Онтон хас да түс-бас көрүҥнээх саас ортолоох дьон санааларын истэн баран, биир санааҕа, иэдээни-алдьархайы оҥоруон иннинэ, «Каравановы суох гынарга» диэн ыарахан быһаарыныыны ылыннылар.
– Биһиэхэ маннык быһаарыныы кыһалҕаттан үөскээтэ: Күн сырдыга кимиэхэ барытыгар күндү! Харабаанап биһиэхэ үчүгэйи санаабакка кэллэ! Кини тыыннаах хааллаҕына, бары Күн диэки үстэ эрэ көрөбүт! Ким маны толоруох эр сүрэхтээх баарый? – диэн ыйытыыга бары саҥаларыттан матан олордохторуна, таһырдьа ыт үрдэ.
Аан таһынааҕы атах ороҥҥо олорбут биир дьадаҥы таҥастаах киһи туран таһырдьаны өҥөйөн көрдө:
– Сэмэнчик Мэхээлэйэп арҕааттан от тиэйэн кэллэ. Ылыннаҕына – кини ылыныаҕа. Этэн көрүҥ, – диэтэ.
Чочумча буолан баран, эрчимнээх баҕайытык ааны тэлэйэ баттаан, аан туманы бүрүммүтүнэн насревком чилиэнэ Сэмэн Мэхээлэйэп киирэн кэллэ.
– Хайа, бу туохха аттанан-атыырданан бары муһуннугут? Туох үлүгэрэ буолла? – Сэмэн уҥа ороҥҥо Караванов сыарҕаттан эһиллиитигэр суолга түһэн хаалбыт карабинын тутан олорор Хайдаала Уола Бүөтүргэ кэлэн кэккэлэһэ олордо. Бэргэһэтин устан, болҕомтолоохтук истэргэ бэлэмнэннэ.
Кырдьаҕастар туох буолбутун, туох быһаарыныыга кэлбиттэрин кэпсээн биэрдилэр. Сэмэн, саҥата суох олорбохтоон баран, Хайдаала Уолуттан карабины эһэ охсон ылла. Карабин сыалын болҕойон көрдө. Онтон, маҕаһыынын арыйан, хас ботуруон угулла сылдьарын сүөкээн, аахта.
– Түөрт ботуруоннаах, сыала хамсаабатах саа эбит. Эргэ соҕус буолан баран, көнө буолуон сөп. Чыкаа хайаан куһаҕан сааны илдьэ сылдьыай? Ким да үтүө баҕатынан сөбүлэммэт буоллаҕына, хайыахпыный, мин барабын! Бар дьонум, нэһилиэгим дьонун туһугар, көрөн баран олоруом дуо? Биир үчүгэй киһитэ аҕалыҥ! Мин сааларым ыраах бааллар, ол иһин бу сааны ылабын! Чэ, түргэнник! – диэн тиэтэттэ.>49
Сэмэҥҥэ көмөҕө Хайдаала Уолун биэрдилэр. Киһилэрэ дьиэтигэр баран, бэрдээнин ылан кэллэ. Сыарҕалаах атынан тоһуур буолбут сиригэр илтилэр.
Уолаттар Караванов тыаҕа түспүт суолун батыһан истилэр. Арҕаа – кэлбит суолун батыһа барбыт. Өр буола-буола суолга киирэр уонна салгыы тыанан айанныыр эбит. Биир сиргэ саабылатын хаарга туруору анньан хаалларбыт. Хайдаала Уола ону ылаары гыммытын Сэмэн тохтотто:
– Тыытыма! Туох эрэ сыаллаах хаалларбыт! Төннөн иһэн сэрэнэн көрүөхпүт.
Салгыы баран истилэр. Биир сиргэ, олох саҥардыыта, суолтан туораан, бэйэтин суолугар тоһуур оҥороору гынан баран, хаххаланар миэстэтин сирэн буолуо, суолугар төннөн, салгыы, көнөтүк барбыт.
– Сааҕын бэлэм тутан ис! Чыкаабыт кутталланна! Сотору соҕус саһан сытан ытыалыаҕа! – Сэмэн санныттан карабины ылан, маҕаһыыныттан патроннигар ботуруону анньан киллэрэн, сомуогун туруоран, ытарга бэлэм истэ. Охтубут сыгынах мастардаах аһаҕас соҕус ойуурга кэллилэр. Эмискэ сыгынах кэнниттэн бэстилиэттээх киһи кэллэ! Сэмэннээх тииттэр кэннилэригэр сөрүөстэ түстүлэр. Бэстилиэт тыаһа иккитэ таһырҕаатын кытта Сэмэн сөрүөстэн турар тиитин хатырыгын буулдьалар тоҕута көтөн аастылар. Сэрэнэн, саһан турар тиитин атын өттүттэн кэтээн турда.