Үйэ кирбиитигэр - страница 4



Маҥнайгы экспедицияны өссө 1600 сыллаахха тэрийэн ыыппыттара. Онтон сотору иккис улахан экспедиция барбыта. Дьон сытыылара, үс өргөстөөхтөрө, саҥаттан саҥа сири арыйан, симиэбийэ тутан, олохтоох омуктартан киис тириитин хомуйаллара. Ол сылдьан тоҥоллоро-хаталлара, аччыктаан-хоргуйан аара суолга өлөллөрө-сүтэллэрэ. Ону ол диэбэккэ, байар туһугар онно-манна тиийтэлээн, кэлин элбээн, уһуктаах төбөлөөх мас кириэппэстээх остуруогу туталлара.

Олохтоох омуктартан сыл аайы киис тириитинэн дьаһаах хомуйар воеводстволар тэриллибиттэрэ. Төлөөбөт, күрэнэр буоллахтарына, тойоннорун эбэтэр харыһыктаах киһилэрин тутан ылан аманаат диэн ааттаан хаайыыга олордоллоро. Утары ууналлара диэн оҕуруо, алтан хочулуок, хорҕолдьун тэриэлкэ буолара.

Воеводство тэриллибит сиригэр бааһынайдары аҕалан бурдугу ыстараллара. Промысловиктар диэн ааттанар булчут дьон ханна эмэ тиийэн симиэбийэ туттан кыстаан олорон кииһи, саһылы бултууллара. Булчуттар туох да хамнаһа суох буолан, бултаабыт түүлээхтэринэн көҥүл эргинэр бырааптаахтара. Арай бултаабыт түүлээхтэрин уон бырыһыанын хааһынаҕа босхо туттарыахтаахтар. Тоҕус уон бырыһыана воевода быспыт сыанатынан хааһынаҕа атыыланар. Булчуттар хаһан баҕарар дойдуларыгар төннөр бырааптаахтара. Оттон «служилые люди» диэн ааттанар дьон хамнастаах буолан бултуур бырааптара суоҕа. Толору сэрии сэптээх, куйахтаах, дьиҥнээх сэрии дьоно буолаллара. Кинилэр эбээһинэстэрэ – дьаһаах хомуйуута, наада буоллаҕына, сэриилэһии. Кинилэри аһынан-таҥаһынан государство хааччыйара. Көҥүлэ суох дьиэлэригэр төннөр бырааптара суоҕа. Бу дьон бары кэриэтэ ох саалаах хаһаактар этэ. Кинилэргэ көмө быһыытынан пищаль диэн тимир саалаах стрелецтэр сыһыарыллаллара.

1619 сыллаахха ыраахтааҕы ыыппыт саалаах-сэптээх дьоно Енисей өрүскэ кэлэллэр. Хайыы үйэ биир сыл иһигэр бу өрүс эҥээрин баһылыыллар. Енисей орто сүнньүгэр остуруок туталлар. Атын суолунан хотунан кэлбит дьон Мангазейга (Таз үрэххэ) эмиэ остуруок тутан туһунан буруо таһаараллар.

Промысловиктар, сулууспалаахтар ортолоругар эҥин араас дьон бааллара. Сэрииттэн дойдуларыгар эргиллэн, туга да суох хаалбыт дьон сулууспаҕа киирэллэрэ. Олор истэригэр эстэн хаалбыт дворяннар, боярдар оҕолоро, бэл билиэҥҥэ түбэспит поляктар бааллара. Ороспуонньуктар саайкаларыгар сылдьыбыт харса-хабыра суох урдустар, араас авантюристар, хаамаайылар эмиэ холбоһоллоро.

Тиийиммэт-түгэммэт ыарахан олохтон кыһарыллан кэлбиттэр да бааллара. Бары хоту дойдуга кэлэн, күндү түүлээҕи хомуйан байалларын санаатахтарына, утуйар уулара көтөр, харахтара чаҕылыйа түһэр дьон. Саҥаттан саҥа сири арыйар, элбэҕи билэр-көрөр эмиэ туох эрэ тартарыылаах буолааччы. Ол туһугар төлөннөөх сүрэхтээх хорсун эр бэртэрэ ханна тиийбэтэхтэрэ, тугу оҥорботохторо баарай…

* * *

Хаһаактар олохтоох омуктартан ханна туох сир баарын, онно хайдах тиийиэххэ сөптөөҕүн, төһө бултааҕын, туох дьоннооҕун эҥин куруук ыйыталаһаллара. Кими эмит күүстэринэн тутан ылан эбэтэр бэйэлэригэр тардан табаарыстаһан сирдьит оҥостоллоро.

Сирдьитэ суох тиийиэхтээх сирдэригэр тиийбэккэ, муна сылдьан баран төннөллөрө элбэх буолара. Хайаны эргийэ сылдьыбыт, суолга муна сылдьан быстарбыт түбэлтэ элбэҕиттэн кэһэлтэ буолбуттара ыраатта. Өрүс туора салаатын өксөйөн көрдөхтөрүнэ, үрэх бастара холбоһор куоһахтарыгар, дулҕа үрүйэлэргэ тиэрдэн кэбиһэр. Сирдьитэ суох түҥ тайҕаҕа хайдах да сатамматтар.

Мангазейтан сылдьар промысловиктар Нижнэй Тунгуска үрэх үөһээ өттүгэр тахсан, симиэбийэ туттан, бултуу сылдьаннар, тоҥустартан илин улахан өрүс баарын истибиттэр. «Сылгылаах, ынах сүөһүлээх, элбэх киистээх дойду баар үһү» диэн сурах Мангазейга иһиллибит. Сахалыы билэр тоҥус киһитэ «илин» диэбитин, нууччалар «Лин» диэн өйдөөбүттэр.