Үйэ кирбиитигэр - страница 6



Бу дьон кыстаан олордохторуна, сахалар маҥнайгы саалаах-сэптээх утарсыылара буолар. Сэтинньи ыйга аттаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, оҕунан ытыалыыллар. Маҥнай чугас кэлбиттэрин тимир (үрэр) саанан ытан соһутан, үрүө-тараа ыыппыттар. Онтон икки хонон баран, тыаҕа тахсан мас тиэйэ сырыттахтарына, сахалар ыраахтан оҕунан ытыалаабыттар. Ол эрээри куттанан чугаһаабаттар. Кыһын устата, хаста да кэлэн сэриилээн, үс киһилэрин өлөрбүттэр. Уонча киһи бааһырбыт. Саас, астара бүтэн, аччыктаабыттар. Өрүс эстэрин кытта тута тэскилииллэр. Эмиэ эрэй бөҕөнөн айаннаан, аҥаардара эрэ ордон, дьонноругар тиийбиттэр. Мартын Васильевы кытта алта киһини Москваҕа ыыппыттар. Москваттан «саҥа экспедицияны тэрийэн ыытыҥ» диэн сорудах кэлэр. Сэриигэ туттарга түөрт уон куйаҕы, олохтоохтору мэҥиэлииргэ элбэх оҕуруону, дьоҕус алтан хочуолу, хорҕолдьун тэриэлкэлэри ыыталлар. Мартын Васильевы уонна Антон Добрынскайы хааһынаҕа аҕыйах түүлээҕи туттардылар диэн экспедицияттан туораталлар. Мартын Васильевы солбуйуохтаах Воин Шахов диэн киһи Мангазеяҕа отут аҕыс киһилээх кэлэр. Кинилэр кэлин Бүлүү төрдүгэр кэлэн симиэбийэ тутталлар. Мангазеяҕа бэйэтигэр даҕаны элбэх киистээх сиргэ барыахтарын баҕалаах дьон, кыра бөлөхтөрү тэрийэн, илин ыраахха диэри бара сатыыллар. Ол баран сорохтор сураҕа суох сүтэллэр.

Оттон Енисейскэйгэ Лена өрүскэ үөһээнэн быһа барар суолу көрдүүллэр. Илим, Кут үрэхтэр сүнньүлэринэн барар суолу булаллар. 1630 сыллаахха атамаан Иван Галкин этэрээтэ барар. Идирмэ үрэх төрдүгэр баар симиэбийэҕэ кыстаан баран, кини этэрээтэ 1631 сыллаахха саас Кут үрэх төрдүгэр кэлэр. Аал оҥостон Ленаны таҥнары усталлар. Иван Галкин этэрээтэ өрүс орто сүнньүгэр кэлэн, хара ааныттан сахалар утарсыыларын көрсөр. Онтон Аллан өрүс төрдүгэр тиийэн, өрүһү өксөйөр. Аллаҥҥа эмиэ утарсыыны көрсөр. Тимир саалаах, куйахтаах буоланнар, боҕутуннараллар. Хаһаактар баарыстаах, эрдиилээх кочаларынан устан өрүһү өрө-таҥнары сылдьан, дьон бөлөхтөөн олорор, суоллаах-иистээх сирдэргэ тохтоон, сахалар саамай баай тойонноругар тиийэн, киис тириитин көрдөөн ылаллар. Эдэр саха дьонун тутан аҕалан, эрдииһитинэн илдьэ сылдьаллар.

Төннөллөрүгэр Хаҥалас сиригэр тахсан дьаһаах хомуйа сылдьан, утарсыбыттарыгар эмиэ тимир сааларын тыаһаталлар. Оҕунан ытыалаһаллар. Ол сэриигэ хаҥаластар хас да киһилэрэ өлөр, бааһырар. Күһүөрү нууччалар өрүс уҥа өттүгэр кыстыырдыы тэринэн, саха балаҕанын таһыгар симиэбийэ тутталлар.

Ити сайын Иван Галкины солбуйа диэн, сотник Петр Бекетов этэрээтэ Лена өрүскэ кэлэр. Бу дьон Лена орто сүнньүгэр кэлэн бараннар, Иван Галкины көрсүбэккэ, бука, аллара диэки устубута буолуо диэн төннөн, өрүһү өксөйөллөр. Саҥаттан саҥа сири арыйар, дөксө элбэх киистээх сири булар иҥсэлээх санаа биир сиргэ олордуо баара дуо, суллуруһуу бөҕө буолар.

Бекетовтаах бүрээттэр олорор сирдэригэр тиийэн, күүстээх утарсыыны көрсөн төннөллөр. Салаа үрэх төрдүгэр кэлэн, кыра остуруок туттан кыстыыллар. Тоҥустартан аманааттары тутан дьаһаах хомуйаллар.

Кыстаан бараннар, саас, өрүс эстэрин кытта, Ленаны таҥнары устан, Иван Галкин олорор симиэбийэтигэр кэлэллэр.

Петр Бекетов симиэбийэни табыгаһа суох сиргэ туппуккут диэн сэмэлиир. Тыата олус чугас. Кэлэн саба түстэхтэринэ кутталлаах буолсу диир.

Үөһэттэн, мыраан үрдүттэн, өрүс хочото үчүгэйдик көстөр. Дьонун кытта сүбэлэһэн баран, аллара, өрүс уутуттан чугас, киэҥ аһаҕас сиргэ остуруок тутарга быһаарар. Чугас олорор эйэлээх сахалары көмөлөһүннэрэн, үлэтин саҕалаабытынан бараллар.