Үйэ кирбиитигэр - страница 29
Хаһаактар тустарынан эҥин-эҥин хобдох кэпсээн дэлэй. Эдэр үчүгэй дьахтары, кыыhы көрдөхтөрүнэ, тутан ылан илдьэ баран, ойох гыналлар үhү диэн кэпсээн толору. Мымах эдэр ойоҕун уонна кыыhын ыраах кэдэрги алааска таhааран олордорго сананна. Ити кэпсээннэрэ, баҕар, кырдьык буолуо. Тыала суохха мас хамсаабат.
Тордуохтаах дьиэлэрэ. Киэhэ аhылыктарыгар олордохторуна, дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй сонунун кэпсиир:
– Хадаар уол ойох ылбыт үhү.
– Ноо, кими ылбытый? – Тордуох сэргиир.
Бүтэй алааска олорор ыалга эдэр дьон холбоhон ыал буолуута улахан сонун.
– Айгыратар кыыhын ылбыт үhү.
– Ээ. Сөп буоллаҕа. Кимтэн иhиттиҥ?
– Хабытай ойоҕо сылдьан ааспыта.
– Кыыс, хата, чугас олорор уолга барбыт. Дьонугар кэлэ-бара сылдьыыhы.
– Эн уолгар хаhан ойох ылан биэрэҕин? Сүүрбэ биирин туолла. Ойох ылар сааhа буолла.
– Бэлиэр ойох ылыа буоллаҕа. Дьыл – хонук дииллэрэ кырдьык ээ.
Итинтэн салгыы Саттаар дьоно ханна сөптөөх кыыс баарын кэпсэттилэр. Кыыс хайдаҕын-тугун туhунан кэпсэппэттэр. Наар дьоно хайдахтарын, төhө сүөhүлээхтэрин эҥин ырыталлар. Хайа эрэ дьахтар тыллаах, кэччэгэй, ким эрэ ыарыhах, ким эрэ иэс ылан баран биэрбэт үhү. Наар бэйэлэригэр сөптөөх дьадаҥы дьон кыргыттарын сыымайдыыллар. Чугас эргин сөптөөх кыыс суоҕун курдук буолла. Нуҥнууру ахтыбатылар даҕаны. Дьоно сэниэ буоланнар, таарыллыбатылар быhыылаах.
– Оттон сэниэ ыал кыыhыгар дураhыйдахха? Биhиги уолбут тас көрүҥүнэн кыыска сирдэриэ суоҕа этэ, – Тордуох дьахтарын диэки көрөр.
– Бэрт киhи баай кыыhын кэпсэтэн сүгүннэрэн аҕалан, энньэ-сэтии субурутарыҥ буолуо. Атыытын-сулуутун туоххунан төлүүгүн? Бэйэтигэр сөптөөх кыыhы ылыа буоллаҕа дии… – диэн Сэлгээнэй куолулаан эрдэҕинэ, таhырдьа ыт үрдэ.
Халҕан аhыллан, чомпой бэргэhэтин кыҥнары кэппит киhи намыhах ааҥҥа төҥкөччү туттан киирдэ. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорбутун «аhаа» диэн сибиэҕэ ыҥырдылар. Сэлгээнэй кытыйаҕа кыыймыт үүт кутан ыалдьыт диэки сыҕарыта анньар. Ыалдьыт сойбут үүттэн сыпсырыйан иhэр. Улахан кытыйаттан үөлүллүбүт мундуну ылан сиир.
– Бука, туох эрэ сорукка кэллэҕиҥ буолуо, – Тордуох ыалдьыты кытта дьиэ эргиннээҕи сонуну кэпсэтэн иhэн ыйытар.
– Ээ, Мымах уолгун ыҥыртарар, – диир Төтөллөй, Мымах баай кулута.
– Тоҕо ыҥыртардаҕай?
– Билбэтим. Бука, тугу эрэ үлэлэтээри ыҥырбыта буолуо.
– Ыҥырбыт буоллаҕына бардаҕыҥ дии, – Тордуох уолун диэки көрөр.
Сарсыҥҥытыгар Саттаар эрдэ туран Мымах тойоҥҥо барда. Эдэр киhи сотору дэгэйэн тиийдэ.
Сир тааhа түннүктээх улахан балаҕаҥҥа киирбитэ тойон чөмөхтөммүт утуйар таҥаhыгар өйөнөн сытар эбит. Уол ааҥҥа туран сүгүрүйэр.
– Хайа, кэллиҥ дуу. Сибиэҕэ чугаhаан олор, аhатыахтара, – Мымах сытан эрэ кэпсэтэр.
Уол сибиэҕэ олорбутун кэннэ, кэргэн дьахтар кымыс, сыалаах буспут эти аҕалан уурталыыр.
– Мин эйигин үлэhиттэри кытары алааска ыытаары ыҥыртардым, – диэн Мымах сорудаҕын иhитиннэрэр. – Онно тиийэн, дьиэ, хотон туталларыгар көмөлөhүөҥ.
– Хайа алааска?
– Бардыалаах диэн. Онно сылдьыбытыҥ дуо?
– Билэбин. Мин бултуур үүтээним онтон соччо ырааҕа суох. Кэҥкэмэ бэтэрээ сиhигэр баар.
– Чэ, бэрт эбит. Күhүн хаар түстэҕинэ, эмиэ тахсан бултуоҥ буоллаҕа дии. Аҕаҥ тахсан атыҥ сиир отун оттоотун.
– Атым сииригэр кур оттоохпун. Онно кыратык эптэххэ сөп буолуо.
– Дьиэ тутуутугар үлэлээтэххинэ, эрэйгин төлүөм. Өйүүн хомуллан бараҕыт. Кэлээр. Аhыыр аскытын хааччыйыам. Ити курдук… Арба маннык баар. Бардыалаахха дьиэ туттарар диэн кимиэхэ да кэпсээмэ! Чып кистэлэҥ. Өйдөөтүҥ дуо?