Үйэ кирбиитигэр - страница 30



– Өйдөөн.

Бардыалаах – киэҥ, үчүгэй алаас. Ортотугар улахан күөллээх. Хоту сыырын үрдүгэр дьиэ тутарга сөптөөх киэҥ кырдаллаах. Бу дойдуга киhи-сүөhү олохсуйбатах буолан, от бөҕө үүнэ-үүнэ таах лаҥхарар эбит.

Наар балыгынан, булдунан иитиллэн олорор биир ынахтаах оҕонньордоох эмээхсин олороллор эбит да, төhөнү оттуохтарай. Арай быйыл сайын Мымах баай дьону ыытан оттоппут. Илин тыаны аастахха, Туойдаах диэн үтүө алааска биир ыал баар. Ол дьон наар туой хостоон атыылыыллар. Икки ынахтаахтар. Биир ыал дьиэтэ мантан чугас, хоту Булуус диэн алааска баар. Кинилэр биэс ынахтаахтар, атыыр оҕустаахтар, аттаахтар. Ол кэннэ ыал суох. Түҥкэтэх сир диэн ким да тахсан олохсуйбат эбит. Арай күhүн хаар түспүтүн кэннэ, булчуттар тахсаннар, онно-манна баар үүтээннэригэр олороннор түүлээх булдун сонордууллар. Атын да булт элбэх дойдута.

Үлэhиттэр алаас соҕуруулуу арҕаа хонноҕор олорор оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ дьиэлэнэн үлэлииллэр. Күөлгэ туулаан, минньигэс эттээх собону сиэн абыраннылар. Мымах баай аhылыкка диэн кырдьаҕас кур эмирэх биэни биэрбитэ. Онон сыалаах эти хото сииллэр. Арай үүт суох. Ууну оргутан иhэллэр. Хайах таhаарбыттара. Хата, оҕонньордоох муус умуhахтаахтар эбит.

Үлэлии үөрэммит, күүстэрин-уохтарын үгэнигэр сылдьар толуу эр дьон тутуу үлэтин тулуппаттар. Баҕаналарын туруора охсон, өhүөлэрин таhааран, үрүт мастары уурталыыллар. Биэс киhи буолан үлэлииргэ көхтөөх.

* * *

Сайын Парфен Ходырев биир кочанан өрүс үөhээ өттүгэр баран тоҥустартан киис тириитин хомуйан кэллэ. Тоҥустар сайын өрүс хочолоругар кэлэн сайылааччылар. Киис суох диэн үөтэлээх кииhи биэрбэтилэр. Оттон сахалар сайын остуруокка кэлбэттэр.

Күhүн, балаҕан ыйын сүүрбэтин диэки, соҕурууттан Иван Галкин кэллэ. Уон икки хаһаактаах. Кинини кытта уонча промысловик кэлистэ. Бурдук, туус, саа сэбэ, арыгы, оҕуруо эҥин аҕалбыттар.

Иван Галкин кэлбитинэн сибээстээн, хаһаактар «сход» диэн ааттаах сүбэҕэ муhуннулар. Саамай аҕа саастаах хаһаак Тимофей дьон иннигэр тахсан этэр:

– Казаки, я чаю, якольские люди опять непослушны. Недавно у баксинцев пропали два промысловика. Еще не взяты под высокую государева руку многие немирные землицы. Бунтуют. Чтобы с теми государевами изменниками бились, не щадя голов своих, нам надо избрать смелого, храброго атамана. Кого вы скажете?

– Ивана Галкина, – диэн саҥа иhилиннэ.

– Итак, Ивана Галкина. Любо?

– Любо, – диэн хаһаактар сөбүлэhэллэрин биллэрдилэр.

Иван Галкин үрдүк дуоhунаска итэҕэйбиттэрин иhин махтанан бокулуоннаата. Ол кэнниттэн былыргы абыычай быhыытынан саҥа атамааны кымньыынан көхсүгэ охсубута буолаллар.

Иван Галкин соhуйуон иhин, остуруокка кэлэн Степан Корытов баhылыктаах Мангазея хаһаактара тутуллан хаайыыга сыталларыгар түбэстэ. Сэттэ хаһаак уонна биэс промысловик. Нуучча дьоно эрээри тоҕо хаайыллыбыттарын ыйыталаспытыгар быһааран кэпсээтилэр.

Сайын Семен Чюфарист диэн десятник баhылыктаах хаһаактар этэрээттэрэ, сүүрбэ тоҕус киhи дьаhаах хомуйаары, Алдан өрүс төрдүгэр тиийбиттэр. Онно Алданы саҥа өксөйөн иhэннэр, өрүhү таҥнары устан иhэр Мангазея хаһаактарын судноларын көрбүттэр. Чюфарист хаһаактара тыылаах дьоннорун ылан, кочаны эргитэн эккирэппиттэр. Мангазея хаһаактарын оҥочолоро биир арыыга тохтоон турдаҕына, эккирэтээччилэр ситэн кэлэн, кочаларын сыhыаран эрдэхтэринэ, эмиэ ураҕастарынан анньыалаан тэйитэ сатаабыттар. Енисей хаһаактара тордуохтаах быалары быраҕаттаан тардан, ураҕастарын тоhута охсуолаан, оҥочолорун сыhыаран эрдэхтэринэ, Мангазея хаһаактара, дьаакырдарын көтөҕөн, эмиэ куоппуттар. Судноҕа ыстанан киирбит хаһаагы мүччү туттаран илдьэ барбыттар. Өссө тэйэн иhэннэр, саанан ыппыттар. Онно Чюфарист биир хаһаага өлбүт. Чюфаристаах өлбүт киhилэрин арыыга көмөн баран эмиэ эккирэппиттэр. Ол эккирэтэн, Бүлүү төрдүгэр тиийэн ситэллэр. Сэрии, ытыалаhыы буолар. Мангазея хаһаактара икки эрэ тимир саалаах уонна аҕыйах буоланнар кыайтаран бэринэллэр. Ол сэриигэ Чюфарист дьонуттан биир промысловик өлөр. Мангазея хаһаактара икки киhилэрин сүтэрбиттэр. Бэриннэрэн, туппут дьонун кэлгийэн, Ленскэй остуруокка аҕалан хаайыыга олордоллор.