Эргиччи эрэй - страница 9



– Халлааммыт, дьэ, оҥоруутун оҥордо. Сай ортото буолла да быар куустан олорорбутугар тиийэбит, – Бороскуой куолутунан ыраахтан саҕалыыр. – Бэрт дьон арыгылаан аралдьыйыахтара.

Yүлүйэ бөлүүҥҥүнү саныы биэрдэ. Эдэрчи киһи итинник дьаабыламмыта буоллар өссө син этэ. Эмэх бэйэтиттэн саатымына кус сыгынньаҕын, атаҕын кыбыммытынан Маппый олбуорунан тирэхтэнэн ааһан иһэрин ама умнар үһүө.

– Бэйэбит бэртэрбит сүгүн-дьүгээр сылдьыбаттар. Атыттар аны буулууллара итээбит, – эмээхсин ону таайтаран эттэҕэ дуу.

– Тайах Дармыдыан бу Сандалтан аны арахпат. Өйдөнөрүн ааспыт ааргы. Уһун Ууланы билэҕин дии, манна төттөрү көһөн кэлбитэ. Дыраадыйан бэйэтэ эр киһи курдук дьахтар. Дьэ, ол кыыһынан кырдьан эрэр дьахтары Дармыдыаныҥ бу сайын буулаабыт. Биириҥ кинини киһи дииһи дуо, чугаһаппатах. Тайаҕыҥ ньоҕойо диэн бэйэтин киэнэ. Кэлэ турар үһү. Уонна атастара обургулар тэптэрэн биэрэллэрэ буолуо. Киһилэрэ киһиргээн биир үтүө күн дьахтары соһо сатаабыт. Дьиэтигэр илдьэн дьаабылаары. Уулаҥ күүһэ дэлэ дуо – тутуһуу буолбут. Иирээки аҥардаах Тайах дьахтары боруоста илдьи кырбаан кэбиспит. Итиччэ бөдөҥ киһи тулутууһу дуо – охторо сытан тэбиэлээбит эҥин үһү. Ол да сытан Уулаҥ үөхсэрэ үһү. Yлүгэр хаһыыга-ыһыыга ким да тахсан биэрбэтэх. Салгыы хайдах-туох буолтарын ким билиэй. Дьахтар билигин Хатыҥнаахха балыыһаҕа сытар. Хатыай, ити сүүлүргээбит күтүрдэртэн сэрэнэ сырыт эрэ, – Yүлүйэни куттаан да бүтэрииһилэр.

Маппый туһунан ыйытыан баҕарда да, эмээхсин аны өһүргэниэ диэн туттунна. Эмээхсин да буоллахха сүгүннүөхтэрэ суох дии. Соҕотох буолар ночоото диэн итиннэ.

– Аны туран, Испирдиэҥкэ диэн били үөрэхтээх оҕо кэлбит дии. Учуонай буолан эрэр үһү дии, сураҕа. Сирэйэ-хараҕа сытыыта дьикти – эмиэ биир урдус быһыылаах. Бүгүн арай хоспор иистэннэҕэ буола олордум. Ис ааммын тоҥсуйан тобугураттылар. «Саахардааххын дуо?» – диэн Испирдиэҥкэм субу адаарыйан турар. Түүлээх уллуҥах курдук үөмэн киирдэҕэ үһү. Yрүгэн ыппын тугунан куттаабыта буолла – ньим курдук. Хайдах да бэйэлээҕи сүгүн аһарбат этэ ээ. Киһим дьиэ иһин эргиччи көрүтэлиир. Хайдах эрэ – эмээхсин эрэ буоламмын быыһанным дуу дии санаатым, – Бороскуой санаатыгар бары маньыйаак буоллахтарай.


-10-


Күнүскү чэй кэнниттэн дьон эмискэ окко барар буоллулар. Хаһан тупсар халлааны кэтэһэн диэтэхтэрэ. Сандал дьиэтин таһыгар бүтүн колхуос мунньаҕа. Бэбиэскэҕэ үлэ үһүө, ыһык айдаана ини. Аһынааҕар арыгыта үгүрүө. Yрүксээктэммит диэн, куулламмыт диэн, бэл, Момуой котуомкалаах.

– Ээ, оттоон да диэн. Бу үлүгэр ардахха, – Момуой сатамматынан салыннара сатаабытын сапсыйан кэбистилэр.

Маҥнайгы хотуур малааһыныттан матарыахтара диэн биирдэстэрэ да салгыы саҥара барбата.

Бары бааллар. Арай, Мэнээк Микиитэ көстүбэт. Дьиэтэ таһыттан хатыылаах үһү. Күүтэ сатаатылар, оҕолору ыытан көрдөттүлэр – киһилэрэ суоҕун курдук суох. Дьэ, дьиибэ. Мэнээк мэнээк да буоллар, маннык сугулааннары бу тухары көтүтэ илигэ. Ыксал киһи Күтэр Киргиэлэй наймылаһа охсубут уолаттарын илдьэ урут бара турда. Уолаттар баҕарбаталлар да батыстылар. Сибилиҥҥэттэн сүрэҕэлдьээбит көрүҥнээхтэр – үлэлээн да тугу эбэр үһүлэр. Оттон Момуой кэм да тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу аа-дьуо хоҥунна. Ырыган ыта кутуруга купчуйбутунан саппай уопсан истэ.


-11-


Yчүгэй уол быйыл лаппа уһаабыт, буутун этэ буспут, сиһин этэ сиппит көрүҥнэммит. Ойох көрдүүрэ эрэ итээбит. Сыыска хаалбат Yчүгэй буолуохтаах. Куоракка кыыс бөҕөнү аймаан эрдэҕэ. Сүгүн үөрэнэр эрэ, суох эрэ. Эбэтэр үчүгэй үчүгэйэ өтөн кыпчыйан баран сылдьара дуу. Итинтиҥ мэнээк саҥата суох эрээри үөҥҥэ тиллээччи. Yчүгэйдэрэ от мустаҕа буолар. Күтэр түүннэри охсон, ардаҕы ардах диэбэккэ аччаҥалаан бөрүөт кэм да кини түспүт. Кумааҕы икки, Дьаллай икки оту-маһы сирэйдэнэн сылдьаллар. Киргиэлэйдэрэ ыраах өтөххө бүөмнээн мунньа барбыт. Кумааҕы кымырдаҕас уйатын үөрэтэр. Дьаллай ханнааҕы хараҕынан кымырдаҕас саарыстыбатын одуулаһыай – сыта сатыыр, дьоннорун хаадьылыыр. Итии, кумаара бэрт диэн сүбэлэнэн от мунньалларын аастылар. Yчүгэй соҕотоҕун төһөнү өнүйүөй, барбах эрэ даллаҥныыр.